Григорьев Нифонт Петрович (1920-2004), 1943 с. бааhыран
төннүбүтэ, 1степеннээх Отечественная
война орден, «За оборону Сталинграда», «За доблестный труд в ВОВ» медаллар
кавалердара /Книга памяти №5, с.33/Книга памяти №9, с. 246.
Аҕам туһунан.
Аҕам туһунан.
Григорьев Нифонт
Петрович, биһиги аҕабыт 1920
сыллаахха сэтинньи 10 күнүгэр Тааһаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо уонна эдэр
сааһа Сэбиэскэй былаас олохтонуутун, гражданскай сэрии ыар сылларын, колхозтары
тэрийии, улахан дьону үөрэхтээһин, саах сыбахтаах самнархай балаҕаннартан
аныгылыы ампаар дьиэлэргэ көһүү кэмигэр ааспыта. Үлэни кыайар буолуоҕуттан
нэһилиэк «Ворошилов» аатынан колхоһугар үлэлээбитинэн барбыта. 1941 сыл бэс
ыйын 22 күнүгэр Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. Биһиги аҕабыт бэйэтин
үөлээннээхтэрин кытары Улахан хомуурга түбэһэн 1942 сыл бэс ыйыгар сэриигэ
ыҥырыллан барбыта. Киирээри - киирэн саамай уот кутааҕа – Сталинград иһин
кыргыһыыга түбэһэр. Бу умайа турар куорат үлтүрүйбүт уулуссаларыгар сэриилэһэ
сылдьан улаханнык бааһыран госпитальга эмтэнэн баран дойдутугар 1943 с. төннөр.
Сэрииттэн эргиллэн баран айгыраабыт хаһаайыстыбаны
чөлүгэр түһэриигэ, сэрии хонуутуттан төннүбэтэх дойдулаахтарын солбуйан,
үлэлээн – хамсаан барбыта. Ферма сэбиэдиссэйинэн, хонуу биригэдьииринэн,
ыскылаат сэбиэдиссэйинэн, кассирынан, маҕаһыын атыыһытынан. Кэлин бочуоттаах
сынньалаҥҥа тахсан баран субай сүөһүгэ бостуугунан үлэлээбитэ.
Биһиги аҕабыт ис сүрэҕиттэн бэриниилээх коммунист
этэ, норуодунай хонтуруол группатын, нэһилиэк ветераннарын Советын чилиэнинэн
быыбарданан үлэлэспитэ.
«Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии» I степеннээх орденынан
икки төгүл, «За оборону Сталинграда”, “За доблестный труд в ВОВ” уонна да элбэх
юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Ахтыыны суруйда кыыһа Николаева Надежда Нифонтовна
2020 сыл
Комментариев нет:
Отправить комментарий