Осипов Иннокентий Иннокентьевич(1921-1942)



Осипов Иннокентий Иннокентьевич, 1921 с.т., 1942  II Пятилетка колхозтан барбыта уонна сураҕа суох сүппүтэ /Книга памяти №3, с. 362, №78. 

    Тааһаҕар нэһилиэгин Ыттаах алааһыгар Осипов Иннокентий (хос аата Букканныыр) отчествота Степанович буолуон сөп(аҕабыт чуолкай билбэт этэ). Корреспондент Иван Павлов родовой картатынан сирдэттэххэ Сабаакап Степан уола буолуон сөп эбит. Кэргэнэ Осипова Мария Николаевналыын ыал буолан 5 уол, 1 кыыс оҕоломмуттар.

  Букканныыр оҕонньор орто уола үрдүк соҕус уҥуохтаах туох да аһары көнө, чиэһинэй майгылаах, кыратыттан тиийиммэт-түгэммэт кыһалҕатын билбит, кыра бырааттарын, балыстарын бүөбэйдээн улааппыт буолан, ис иһиттэн бүгүрү, улахан киһи курдук туоспуруннаах оҕо этэ. Соччо бачча оонньуур-мэниктиир да солото суох буолара. Эппит тылыгар турумтуо, албын-көлдьүн диэни билбэт эрэллээх доҕор диэн кини этэ.

Дьоно кыамматтара бэрт буолан, сэттэ кылааһы кыайан бүтэрбэтэҕэ. Төрөөбүт холкуоһугар наар биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн эмиэ кылгас кэмҥэ үлэлээбит справката архивтан булуллубута. Хас да сыл хомсомуол маҥнайгы сүһүөх тэрилтэтин секретарынан талылла сылдьыбыта. Онно барытыгар хоһуунун, сатабыллааҕын, уопсай дьыалаҕа бэриниилээҕин көрдөрбүтэ.

Сэриигэ 1942 сыл балаҕан ыйыгар атыттары кытта эмиэ Сталинград куораты көмүскүүр кыргыhыыга түбэспит быһыылаах. Ону туоһулуур докумуон суох да буоллар, инньэ диэн сабаҕалыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, таас дьиэни улахан буомба үлтү тэбэригэр, көхсүгэр кирпииччэ түһэн, госпиталга киирбит диэн сурах баар. Онтукатынан байыаннай учуоттан уһуллан, 1943 сыллаахха Сталинград куоракка милициялыы сылдьан, сураҕа суох сүппүт диэн.  Ол кэннэ сураҕа суох сүппүттэр испиэһэктэригэр киллэриллибит. Онон ханна өлбүтэ биллибэт.(И.И.Каратаев «Саллаат суола», Петрова К.В. «Эйгэ» сынньалаҥ киинин 90 сыла кинигэлэриттэн).

Ахтыыны суруйда балта Осипова Валентина Николаевна

Комментариев нет:

Отправить комментарий