Каратаев Ефим Иванович (1916 – 1942)




     Каратаев Ефим Иванович, 1916 с.т., II Пятилетка колхозтан барбыта уонна 27.09.42 кыргыhыы  хонуутугар охтубут, Волгоградскай уобаласка  көмүллүбүт /Книга памяти №3, с. 147, №134.


Аҕам туһунан ахтыы
Мин, Каратаева (Николаева) Вера Ефимовна, 1941с. тѳрүѳх, бу аҕам Каратаев Ефим Иванович тһунан кылгас ахтыыбын  биэрэбин.
Мин аҕам Каратаев Ефим Иванович Тааһаҕарга «Сытыган» диэн сиргэ дьадаҥы элбэх  оҕолоох ыалга тѳрѳѳбүтэ: эһэм Иван Гаврильевич, эбэм Агафья Вениаминовна 8 оҕолоох этилэр, 6 уол, 2 кыыс.
Аҕа дойду сэриитэ буолбутугар Каратаевтартан 5 уол сэриигэ утуу-субуу ыҥырыллан барыталаабыттара. Мин аҕам Ефим Иванович 1942с. биирбин туола иликпинэ барбыт, онон кини туһунан туох да ѳйдѳбүл суох, саатар хаартыската суоҕа кыһыылаах. Барыар диэри хараҥаттан хараҥаҕа хонуу  биригэдьииринэн үлэлээбит, оччолорго,  кинини билэр дьоннор аҕам хайдах курдук сүрэхтээҕин, үлэһитин туһунан кыра эрдэхпиттэн истэр этим. Ийэм Кыргыдайтан тѳрүттээх үһү, онон бу дойдуга кими да билбэт буолан кэргэнэ барбытын кэннэ ферманы кэрийэн дояркалаан үйэтин бараабыта. Киһини билэр буолуохпуттан ийэбин кытта Тааһаҕарга хас ферма баар да ону кэрийэн улааппытым. Үс улахан уолаттар: Саанньа, Ньыыкан, Дьэкиим дойдуларыгар тѳннүбэтэхтэрэ, ийэлэрбит огдообо, биһиги тулаайах хаалбыппыт. Егор, Игнатий тѳһѳ да араанньы буоллаллар, ол кэлэн олохторун оҥостон, үлэ бѳҕѳнү үлэлээн, элбэх оҕолонон убайдара ситэ олорботох олохторун олорон сирдээҕи олохторун түмүктээбиттэрэ, Игнатий Иванович бу ааспыт (2014 с.) ахсынньыга 91 сааһыгар бу дойдуттан барбыта.
Үс сэрииттэн тѳннүбэтэх Каратаевтартан 7 тулаайах хаалбыппыт, Александртан-3 оҕо, Нифонт – 3 оҕо, Ефимтэн – 1 оҕо (мин). Бу балартан икки эрэ буолан хаала сылдьабыт, саамай чулууларбыт, республикаҕа биллэр дьоммут киһи хомойуох эрдэ бу дойдуттан бартара. Ол барыта сэрии содула, тулаайах хаалан тоҥуу-хатыы, аччыктааһын содулугар, кылгас олоҕу олорон ааһаахтаатылар.
Виктор, Аграфена Александровналар норуот үѳрэҕириитин туйгуннара, Николай Нифонтович Саха АССР Верховнай суутун председателигэр диэри үүммүтэ, генерал, юстиция туйгуна, Алексей Нифонтович тутуу туйгуна, онон сэриигэ ѳлбүт аҕаларын ситэ олорботох олохторун салҕаан, чаҕылхайдык, таһаарыылаахтык үлэлээн кэлбиттэрэ, мин кинилэринэн киэн туттабын маннык улуу убайдарбынан. 
Бэйэм оскуоланы Хампаҕа бүтэрэн, 2 сыл колхозка дояркалаан баран ВПУ-ну бүтэрэн, учуутал идэтин баһылаан, убайым Николай Нифонтович аатын сүгэр Тааһаҕар орто оскуолатыгар ханна да хамсаабакка 30-ча сыл үлэлээн баран билигин пенсияҕа олоробун. Тѳһѳ да кырыыстаах сэрии тулаайах хаалларан, аҕабыттан соҕотох кыыс хаалан кини аатын ааттатарбынан киэн туттабын, үѳрэбин. Бэйэм 4 оҕолоохпун, 9 сиэннээхпин, ѳссѳ 1 хос сиэннээхпин, онон улахан дьиэ кэргэн ийэтэбин, эбэтэбин. Онон олох барахсан салҕанар, билигин оҕолорбут сиэннэрбит – Каратаевтар удьуордара, эһэлэрин килбиэннээх олоҕунан, кинилэр холобурдарыгар иитиллэн бу орто дойдуга чахчы  туһалаах дьоннор буола улаатыахтаара диэн эрэнэбин уонна итэҕэйэбин, баҕарарым диэн бу күн сиригэр хаһан да хара дьайдаах сэрии хатыламматын!
Ахтыыны биэрдэ:
Сэрии оҕото, педагогическай үлэ ветерана
Вера Ефимовна Николаева  
2015 с.

Комментариев нет:

Отправить комментарий