Поскачин Дмитрий Андреевич, 1905 с.т., Ворошилов аатынан колхозтан барбыта уонна 08.09.43 с. кыргыhыы хонуутугар охтубут, Украинаҕа Харьковской уоб. Балаклейскай р-н Андреевка с. көмүллүбүт /Книга памяти №2, с. 57, №1234.
Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө бу, күн үүнэрин туһугар олоҕун толук уурбут, эһэбит Поскачин Дмитрий Андреевич (Мииккэ) туһунан ахтан - санаан ааһабыт.
Эһэбит Дмитрий Андреевич 1905 сыллаахха Орто - Бүлүү улууһугар Тааһаҕар нэһилиэгэр элбэх оҕолоох Мария уонна Андрей Поскачиттарга (Тоокколор) төрөөбүтэ. Кыра сааһыттан от-мас үлэтигэр эриллэн, бултаан – алтаан улааппыта.
1927 сыллаахха эбэбитин Аксинья Иннокентьевнаны (Өксүөнү) Хампа Кыадаҥдатыттан сүгүннэрэн аҕалбыт. Эбээбит Өксүөн эмиэ элбэх оҕолоох Баккан оҕонньор кыыһа этэ.
Алдьархайдаах сэрии саҕаланар кэмигэр эһэбит аах биэс оҕолоох, улаханнара уоннаах, кыралара биирин ааспыт эбит.
1941 сыллаахха күһүнугэр бастакы ыҥырыкка эһэбитигэр Мииккэҕэ бэбиэскэ кэлэр, ону быраата Иван Андреевич «элбэх кыра оҕолоох, иитимньилээх киһи оннугар сулумах киһи мин барыым» диэн военкомакка тылланан убайын оннугар барар. Иван Андреевич оччолорго Бүлүү куоратыгар үлэлии сылдьыбыт эбит.
Эһиилигэр 1942 сыллаахха от ыйынааҕы Улахан хомуурга эһэбитигэр Мииккэҕэ, убайыгар Бүөтүргэ бэбиэскэ кэлэр. Хайдах аҕаларын атаарбыттарын туһунан эдьиийим Лиисэ маннык кэпсиир этэ: «Дьиэҕэ киирбитим дьонум остуол аттыгар саҥата суох олороллоро. Ас бэлэмнэммит этэ даҕаны ким да аһаабатаҕа. Ийэм Оруосатын, аҕам Онтуонун көтөхпүт этилэр. Ийэм улахан истээх ыарахан этэ»,- диэн. Эһээбит убайын кытта эргэ оскуола таһыгар мустубут дьоҥҥо барбыттар. Кыра тыл этиитин кэнниттэн сэриигэ барааччылар аттарыгар олорон Үнньээн диэки айаннаабыттар. Эбээбит Өксүөн уонна Сүөкүлэ (эһээбит убайын кэргэнэ) кыраларын көтөҕөн ытаһа хаалбыттар.
Борохуотунан айаннаан Иркутскай куораты булаллар. Онно бырааттарын Иваны көрсөллөр, кини бааһыран сыыйыллан төттөрү дойдутугар айаннаан иһэр эбит. «Дьоммутун, оҕолорбутун көрө сылдьаар, көмөлөһөөр»,- диэн кэс тылларын этэн ыыппыттар. Эһээбит Миитэрэй убайын Бүөтүрү кытта Чебаркуль станциятыгар дылы бииргэ айаннаабыттар. Онтон кинилэри арааран тус-туспа араас чаастарга ыыталаабыттар. Эһэбит фроҥҥа тиийэн рядовойунан сылдьыбыт.
Фронтан үстэ суруйбут, суруктара хойукка дылы баар этилэр. Наһаа үчүгэй буочарынан Новгородов алпаабытынан суруллубут суруктары көрөр, ааҕа сатыыр этим. Суруктарын аайы уолун Онтуону ахтарын, «оҕом аҥаар этэрбэһин илдьэ кэлбэккэбин» диэн хомойорун суруйбут. Биир суругар харчы ыыппытын уонна «аҕаҥ Баккан оҕонньор кэллэ дуо, кэлбит буоллаҕына этэҥҥэ олоруоххут» диэбит. Бүтэһик суругар илиитин көп этигэр таптарбытын, уҥуоҕун таарыйбатаҕын, госпитальга сытарын суруйбут, сурук кэллэҕинэ Осипов Петр (Тоойукка) кэлэн ааҕан биэрэрэ үһү.
Эһээбит Мииккэ, Поскачин Дмитрий Андреевич, 1943 сыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр кыргыһыы хонуутугар охтубут, ол туһунан чааһын хамандыырыттан илии баттааьыннаах сурук кэлбитин быраата туппут уонна өлбүт диэбэккэ, сураҕа суох сүппүт диэн эппит, дьонун аһынан, харыстаан. Дьиҥинэн ол сурукка олоҕуран эбээбит Өксүөн пенсия, оҕолоругар көмө ылыахтааҕа үһү, ону сураҕа суох сүппүт диэн тугу да туһамматах.
Эһэбит уҥуоҕа Украина Харьковскай уобалаһыгар Бадаховскай оройуонугар Андреевка бөһүөлэк «Буойуттар кылабыыһалара» диэн сиригэр көмүллэн сытар. Манна барыта 159 буойун көмүллүбүт. Кинилэргэ анаан памятник туруорбуттар уонна ааттарын үйэтиппиттэр. Биһиги эһээбит аата Поскачин Дмитрий Андреевич диэн суруллан турар.
Ахтыыны суруйда сиэнэ Осипова Н.П. Тааһаҕар нэһилиэгэ, 2020 сыл.

Комментариев нет:
Отправить комментарий