Иванов Михаил Николаевич (1915-2005)




Иванов Михаил Николаевич (1915-2005), Японияны утары сэрии кыттыылааҕа, «За победу над Японией» медаль кавалера/Книга памяти №5, с.34



      Мин 1915 с. сэтинньи 18 күнүгэр «Куолаҕай» диэн сиргэ төрөөбутум. Ийэм аата- Иванова Евдокия Гаврильевна, аҕам аата – Иванов Николай Иванович. Мин кыра эрдэхпиттэн Оӊхой күөлүгэр олорбуппут. Аҕам хара үлэһит этэ, биир кылаас  (нууччалыы)  үөрэхтээх. Ийэм дьиэтин дьиэлээн олорбута, кини сүрэҕинэн ыалдьар этэ. Биһиги бииргэ төрөөбуттэр иккиэбит: балтым- Иванова Матрена Николаевна – 1918 с төрөөбүтэ. Кыра эрдэхпиттэн от оттуур этим, аҕабын кытта. Аҕам куоракка баайдарга киирэн үлэлиир этэ – Расторгуев, Дигиэтэп диэн атыыһыттарга үлэлээн, айахпытын ииттэн олорбуппут. Онно үлэлээн атыыһыттар оҕолорун кыччаабыт таҥаһын биһиэхэ аҕабыт ыытар этэ. Оннук 10 сааспытыгар дылы ииппитэ.Онтон уончабытыттан аҕабар от охсор охсорго, мунньарга көмөлэһөр этим. Мин үөрэммэтэҕим, балтым 5 кылаастаах үөрэххэ үөрэммитэ.
     Аҕам ол атыыһыттарга 2-лээхпиттэн 10-мар диэри үлэлээбитэ. Кини чаччыына буола сылдьыбыта. Мин 18-пар «Табаарыстыба» диэн тэриллэ сылдьыбыта, онно арааһынай үлэлэргэ үлэлээбитим. 1935 сыллаахха «2 Пятилетка» колхоз «Ыттаахха». Онно биһиги атын ыаллары кытта киирбиппит, колхозка биир ынаҕы биэрбиппит. Аҕам колхозка сайынын окко үлэлиирэ, кыһын үлэлээбэт этэ, ийэбэр көмөлөһөрө. Балтым манна 4-һү бүтэрэн баран, Хампаҕа 5-с кылааска үөрэнэ барбыта. Онтон ийэбит өлөн, 5-с кылааһы бүтэрэн, төннөн кэлбитэ. Колхозка миигин үлэ кытаанаҕар ыыталлар этэ. Колхоз председателэ – Прокопьев Сэмэн (Сырааннаах Сэмэн). Бу колхазка сылдьан, оту 40 гааны охсорум. 10 хонукка Стахановскай декада оӊороллор этэ, онно гааттан ордуктууну охсор этим. Бурдук ыһан молочонок бурдук сынньар этим, бурдук ыһарга табанан боронолуур этибит. Мин стахановец этим.
   Ас-таҥас тиийбэт этэ: ынах этэрбэһинэн сылдьаҕын эбэтэр атах сыгынньах-сайын. Онтон кыһын сылгы этэрбэс кэтэрбит. Аһылыкпыт: мундулааҥҥын мас холбоҕо кутаҥҥын тоҥороҕун, онтон сайын уучахха мас уһаакка суорат  бүрүйэн уурар этибит. Күһүн ол муспут суораккын хостуугун. Кыһын бэһи ириэрэн баран кыһыйаҕын. Онтон били мундугун, бэскин бииргэ оргутаҕын, онтон дьэ таргын кэмнээӊӊин кутаҕын үөрэҕэ. Ол олус учугэй буолааччы, оннук аһаан-таҥнан син олорбуппут. Дьиэбит иһэ маннык буолааччы – дьиэбит биир муннугар көмүлүөк оһох, ол оһоххо буһарынаҕын, дьиэҕин сырдатынаҕын да. Ороммут мас орон, остуолбут эмиэ. Иһиппит мас, туос. Луоскубут эмиэ мас буолааччы.  


    Онтон оннук эйэлээх олоххо олороорон, сырдык күн этиӊ эппитинии куһаҕан сураҕы истибиппит.Сэрии буолбут үһү. 1942 сыллаахха сэриигэ ыӊырыллан баран төннөн кэлтим. Онтон бэс ыйыгар 1943 сыллаахха сэриигэ бартым. Онно бараммын Догорье диэн чааска түбэспитим. 1945 сылга дылы Японияны харабыллаабытым. Кыайыы күнүн Догорьеҕа ылбытым. Дьэ, ураа хаһыы бөҕө буолта. Дьоппуон сэриитигэр 1945 сылга от ыйыгар киирэбит. Онтон күһүн Японияны кыайан чааспытыгар Догорьеҕа кэлбиппит. 1946 сыллаахха биир ый госпитальга сыппытым. Онтон Улан-Удэҕа бараммын, боробуос  оҥорор сыахха киирэн үлэлээбитим. Онно байыаннай чаас баар этэ. 200 солкуобайы бириэмийэ ылар этим. Догорьеҕа ол чааспар «Победа над Японией», «Победа над Германией» мэдээл биэртэрэ. Онтон Улан-Удэттэн 1947сыллаахха дойдубар эргиллэн кэлбитим. 
     

     Бүлүүгэ  олунньу 11 күнүгэр байынкамаакка учуокка турбутум. Онтон кэлэн «2 Пятилетка» колхозка үлэлээн барбытым.
   1950 сыллаахха «Ворошилов» уонна «2 Пятилетка» холбоспуттара. Онно даҕаны араас үлэни үлэлээн сылдьыбытым. Колхозтан пенсияҕа тахсыахпар диэри звеневодтаан сылдьыбытым. 1956 сыллаахха партия кэккэтигэр киирбитим.

Ахтыыны биэрдэ Аҕа дойду сэриитин, тыыл, үлэ ветерана Иванов Михаил Николаевич. Тааһаҕар нэһилиэгэ. 
1990 сыллаахха сиэнэ Гульнара Осипова суруйбута.











2004 с. уһуллубут видео

Комментариев нет:

Отправить комментарий