Сыл-хонук аастаҕын аайы, урут олорон ааспыт, уоттаах
сэрии буорах сыттаах толооннорун түөстэринэн тэлбит, тыылга аччыктаан-сылайан, көлөһүннэрин тиэрэ
илгэн кээһэ-кээһэ, кыһыннары-сайыннары үлэ бөҕөнү үлэлээбит дьоннорбут барахсаттар сырдык мөсүөннэрэ өлбөөдүйэ быһыытыйар. Ол эрээри биһиги кинилэр чугас аймахтара ахтан-санаан,
оҕолорбутугар-сиэннэрбитигэр кэпсээн үйэттэн-үйэлэргэ
кэриэстии турар ытык иэспит.
Мин
эһэм Семенов Степан Трофимович
(Моппоо) оҕонньор, туох да тойон
буолбакка, «Ворошилов» аатынан колхоз чулуу үлэһитэ этэ. Кыһынын колхоз сүөһүтүгэр от тиэйэн, хотон үлэтигэр хара көлөһүнүн тоҕон, сайынын ача күөҕүнэн чэлгийбит алаастарбыт
барахсаттар өлгөм үүнүүлэрин оттоһон, син биир атын үөлээннээхтэрин кытары,
туох да куһаҕан сурах-садьык кэлиэ диэбэккэ үлэлии-хамсыы сылдьыбыта. Арҕаа немецкэй Германия айдааны тардыбытын,
хаанымсах Гитлер баҕайы Аан дойдуну
тобуктарыгар сөһүргэстэтиэм диир сураҕын,
Бүлүү куоратыттан тахсан таарыйан ааһар араас боломуочунайдар
кэппсииллэриттэн истэллэрэ. Ама сэрии таарыйбат ини диэн эрэнэ саныыллара. Ол
эрээри 1941 сыл бэс ыйынааҕы сэрии
саҕаламмыт сураҕа, ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии, соһумар уонна уолутуулаах
буолбута.
Эһэм
Степан Трофимович 1942 сыллааҕы хомуурга түбэһэн кэргэнин, уол оҕотун
хааллартаан арҕаа фроҥҥа биир
дойдулаахтарын кытары күргүөмүнэн аттаммыта. Сэриигэ барарыгар түөрт уон үс саастааҕа. Сааһырбыт, биир да тылы нууччалыы билбэт
киһи хайдах сылдьыбытын өйүм хоппот. Сэбиэскэй былаас
барахсан өҥөтүнэн биир-икки сыл улахан дьону үөрэхтээһиҥҥэ (ликбезкэ)
хабыллыбыта бука туһалаатаҕа. Иккис хомуурга түбэспиттэри барыларын да
кэриэтин Сталинград уот кутаатыгар киллэрбиттэрэ. Эһэм сэрии туһунан улаханнык кэпсээбэт этэ.
Арай Сталинграды дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, үлтү урусхалламмыт, киһи куорат да
диир кыаҕа суох дойдута этэ диэн ахтан
ааһара. Сталинград кыргыһыытыгар тыыннаах ордон, Курскай диэки
сэриилэһэ сылдьан, ыараханнык бааһыран, госпиталга эмтэнэн дойдутугар 1943 сыл
күһүнүгэр кэлбитэ. Албан аат 3 степеннээх орденыгар сэрии кэмигэр түһэриллибитэ 1970 сыллаахха кэлбитэ. Туох да үөрэҕэ суох, бүгүрү саха киһитэ, бука
дьиҥнээх хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин биэрдэхтэрэ буолуоҕа. Бэйэтэ «оччону кыайаммын, баччаны кыдыйаммын уордьан
ылтым», - диэн олох кэпсээбэтэ, дьону кытары тэҥҥэ сэриилэспитим диэн кэбиһэрэ.
Фронтан
эргиллэн кэлээт, айгыраабыт колхоз үлэтигэр
төбөтүн оройунан түспүтэ. Оччотооҕу оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин Кыайыы эрэ
буоллун диэннэр күүстэрин харыстаммакка үлэлээн муҥнаналлара. Эһэм барахсан
хайдах сэриилэспитин курдук, оннук
таһаарыылаахтык колхозка үлэлээбитэ.
Ол туоһутунан сэрии кэннэ 1946-47 сылларга колхоз 42 бастыҥ үлэһиттэрэ
«1941-45 сс Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ «Килбиэннээх үлэтин иһин»
мэтээлинэн наҕараадаламмыттара. Олор ортолоругар мин эһэм Семенов Степан
Трофимович эмиэ баара.
Эһэм
кэргэнин Семенова Марфа Гермагеновнаны кытары уһуннук-дьоллоохтук биир уол оҕону, мин аҕабын иитэн ньир - бааччы олорон
кэлбиттэрэ. Иккиэн даҕаны, сытар ынаҕы туруорбат, сытыары сымнаҕас майгылаахтара. Эһэм элбэх сиэннэнэн үөрэн сэксэйэрин өйдүүбүн. Эбэбинээн ас киэнин амтаннааҕын ууран аһаталлара. Эһэм 1977 сыл күһүнүгэр ыалдьан олохтон
туораабыта. Ол эрээри эһэбин, улуу сэрии
хорсун буойунун, колхоз таһаарыылаах үлэһитин куруук саныыбын, ахтабын.
Поскачина
Надежда Семеновна
фронтовик
Семенов С.Т. сиэнэ.
2015 с.
Память народа сайтка көр
Комментариев нет:
Отправить комментарий