Сэрии иннигэр Тааһаҕар бөһүөлэгин илин баһыгар Мария уонна Андрей Поскачиннар, дьоҥҥо биллэллэринэн Тоокколор, 2 кыыстаах, 4
уоллаах ыал буоланнар бур-бур буруо таһаараннар олорторо. Ол мин эбэлээх эһэм этилэр. Түөрт уонус
сылларга оҕолоро бары атахтарыгар тураннар, үгүстэр дьиэ-уот тэриммит кэмнэрэ
этэ. Аан дойдуну атыйахтаах уулуу аймаабыт уодаһыннаах сэрии
ыар тыына мин да дьонум дьиэлэрин быһа ааспатаҕа, тоҥ дьыбарынан
хаарыйбыта. 1941 сыл күһүнүгэр бастакы ыҥырыкка кэргэннээх
элбэх оҕолоох орто уолларын
Мииккэни сэриигэ ыҥырбыттара.
«Элбэх кыра оҕолоох, элбэх
иитимньилээх, кини оннугар мин барыым»,- диэн
кыра сулурбах уол Иван военкомакка тылланан убайын оннугар барбыта.
Иван оччолорго Бүлүү куоратыгар үлэлиирэ. Эһиилигэр 1942
сыл от
ыйынааҕы улахан хомуурга
Мииккэ убайын Бүөтүрү кытары бэбиэскэ тутан фроҥҥа аттаммыттара. Аара баран иһэннэр Иркутскай куоракка бырааттарын Иваны араанньы буолан армияттан сыыйыллан иһэрин
көрсөннөр, «Дьоннорбутун көрө сылдьаар!» - диэн кэс тылларын этэн ааспыттар.
Биир
убайым Поскачин Игнатий Андреевич 1945-46 сс. Япония Квантунскай Армиятын
урусхаллааһыҥҥа кыттыбыта. Разведкаҕа сылдьан үс япон саллаатын билиэн ылыспытын
иһин «Хорсунун иьин» мэтээллээх төннүбүтэ. Сэрии кэннэ өр сылларга Бүлүүгэ госстрах
начальнигынан, страховой агенынан үлэлээбитэ.
Дьокуускай куоракка бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон 2000 сыллаахха ыалдьан өлбүтэ.
Улуу Кыайыы 70 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүн
көрсө дьоннорум барахсаттар: аҕам,
убайдарым Улуу Кыайыыны уһансыбыттара
диэн киэн тутта саныыбын. Сыллар –
хонуктар аастахтарын аайы
кырдьаҕастарбыт барахсаттар улам-улам аҕыйаан, уостан-симэлийэн
иһээхтииллэр. Кинилэр тустарынан сырдык өйдөбүл үйэлэртэн-үйэлэргэ бэриллэ
туруохтун.
Поскачин
Афанасий Петрович
Саха
Республикатын норуотун хаьаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
Саха
Республикатын муниципальнай сулууспатын туйгуна,
Саха
Республикатын доруобуйа харыстабылыгар туйгуна,
Тааьа5ар
нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
2015 с.
Комментариев нет:
Отправить комментарий