Поскачин Петр Андреевич (1900-1977)




Аҕам туһунан ахтыы
Сэрии иннигэр Тааһаҕар бөһүөлэгин илин баһыгар     Мария уонна Андрей Поскачиннар,  дьоҥҥо биллэллэринэн Тоокколор, 2 кыыстаах, 4 уоллаах ыал буоланнар бур-бур буруо таһаараннар олорторо.  Ол мин эбэлээх эһэм этилэр. Түөрт уонус сылларга оҕолоро бары атахтарыгар тураннар, үгүстэр дьиэ-уот тэриммит кэмнэрэ этэ. Аан  дойдуну  атыйахтаах уулуу аймаабыт уодаһыннаах сэрии ыар тыына мин да дьонум дьиэлэрин быһа ааспатаҕа, тоҥ дьыбарынан хаарыйбыта.  1941 сыл   күһүнүгэр бастакы ыҥырыкка   кэргэннээх  элбэх оҕолоох орто уолларын  Мииккэни сэриигэ ыҥырбыттара.   «Элбэх  кыра оҕолоох, элбэх иитимньилээх, кини оннугар мин барыым»,- диэн  кыра сулурбах уол Иван военкомакка тылланан убайын оннугар барбыта. Иван  оччолорго  Бүлүү куоратыгар үлэлиирэ. Эһиилигэр 1942 сыл  от  ыйынааҕы улахан хомуурга   Мииккэ   убайын  Бүөтүрү кытары бэбиэскэ тутан  фроҥҥа аттаммыттара.  Аара баран иһэннэр  Иркутскай куоракка бырааттарын Иваны  араанньы буолан армияттан сыыйыллан иһэрин көрсөннөр, «Дьоннорбутун көрө сылдьаар!» - диэн кэс тылларын  этэн ааспыттар.
Аҕам  түөрт уон иккилээҕэр, сааһыран баран,  түөрт оҕотун кэргэнин хааллартаан, дьиэтин аанын баттатан да баран кэриэтэ сэриигэ аттаммыт. Биир да тылы нууччалыы билбэт киһи түөрт сылы быһа хайдах сылдьыбыта эбитэ буолла. «Нуучча уолаттара барахсаттар амарах, аһыныгас да этилэр. Атаакаҕа киириигэ миигин кыра уҥуохтаах эрэйдээҕи, кэннилэригэр силэйэн баран сырсаллара.  Кыһыҥҥы тымныыга харыйа лабаатын үрдүгэр ортолоругар киирэн утуйарым», - диэн сэһэргиирэ. Сайыҥҥы куйааска илиитигэр таптаран араанньы ылан,  нуучча уонна казах уолаттарын кытары үс  буоланнар санчааска сатыы барыҥ диэбиттэр. Онно утатан уу сыккыстыы сытарыттан иһээри гыммытын нууччата «нельзя,нельзя» диэн тохтоппут. Казах уола истибэккэ ол ууттан испит уонна госпиталга киирэн ис тиибиттэн өлбүт.  Онно аҕам нуучча уолугар махтанар буолара, уу испитым буоллар маннык кэлэн чаабыргыы олоруом биллибэт этэ диэн. 1942 сыл балаҕан ыйыгар 358 стрелковай полк састаабыгар  стрелогунан уотунан уһуура олорор Сталинград анныгар кыргыһыыга киирбит. Ол  кутаа  уот ортотуттан араанньы буолан, тыыннаах ордон, Ленингралскай фроҥҥа сэриилэспитэ, Ленинград блокадатын тоҕо көтүүгэ кыттыыны ылбыта.  Латвияҕа улаханнык бааһырыар диэри охсуһуу уотуттан тахсыбатаҕа. 1946 сыллаахха Верховнай Кылаабынай Командующай Иосиф Виссарионович Сталинтан  Махтал суруктаах эргиллибитэ.
 
Поскачин Афанасий Петрович
                            Саха Республикатын норуотун хаьаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ,
                            Саха Республикатын муниципальнай сулууспатын туйгуна,
                            Саха Республикатын доруобуйа харыстабылыгар туйгуна,
                            Тааһаҕар нэһилиэгин  бочуоттаах олохтооҕо.
2015 с.

Комментариев нет:

Отправить комментарий