Каратаев Александр Иванович(1906-1942)






  
         Каратаев Александр Иванович, 1906 с.т., 06.42 Ворошилов аатынан  колхозтан барбыта уонна 12.42 с. кыргыhыы  хонуутугар охтубут , көмүллүбүт сирэ биллибэт./Книга памяти №3, с. 147, №130.


      Соҕуруу Тааһаҕар Мэҥэтин олохтоохторо, биһиги төрөппүттэрбит, Уйбаан уонна Акааппыйа Харатаайаптар, биэс уолларын Аҕа дойду улуу сэриитигэр атаарбыттара. Олортон үс уол төннүбэтэҕэ. Улахан уоллара Өлөксөөндүр (кинини дьоно таптаан Саанньа диэн ааттыыллара) уонна ыалга иитиллибит орто уоллара Дьэкиим буоланнар иккиэн, Сталинград умайар уотугар түбэһэннэр, онно сырдык тыыннара быстыбыта. Саанньаттан түөрт сылынан балыс иккис уоллара Ньыыкан Украинаны, Белоруссияны босхолоһон баран, Польша сиригэр тиийэн, кыргыһыы хонуутугар охтубута. Ыалга иитиллибит убайым Дьөгүөр биһикки эрэ сэрииттэн тыыннаах эргиллэн, дойдубутун булбуппут. 
     ...Саанньа сэриигэ барарыгар киниттэн үс оҕо хаалбыта: Бииктэр, Арапыана, Ньукулай. Бииктэр үрдүк үөрэхтээх учуутал буолан, дойдутугар Хампаҕа олохсуйан, өр сылларга оскуолаҕа учууталлаан, директордаан, дьонун-сэргэтин ытыктабылын ылбыта. Кыыһа Арапыана, училищены бүтэрээт, Кэбээйигэ Сииттэ оскуолатыгар анаммыта. Ол дойдуну сөбүлээн, ыал буолан олохсуйбута. Пенсияҕа тахсыар диэри ханна да халбарыйбакка учууталлаан, оҕо-уруу тэнитэн, эмиэ умнуллубат олоҕу олорбута. Кыра уол Ньукулай үөрэҕи ылбатаҕа эрээри, харытын күүһүнэн үчүгэй үлэтинэн, көнө-көрсүө майгытынан эмиэ дьон убаастыыр киһитэ буолбута.
...Кэнники онтон-мантан ааҕан-туоһулаһан биллэххэ, убайдарым иккиэн атырдьах ыйыгар Чебаркультан Курган куоракка тиийэн, Сталинградка киирээри бэлэмнэнэ турар 193 стрелковай дивизияҕа түбэспиттэр. Бу дивизия балаҕан ыйын ортотугар Волганы туораан, сэриигэ киирбит. Сталинград оборонатын саамай мүччүргэннээх күннэригэр. Ол былдьаһыктаах күннэргэ ити дивизия 685-с полкатыгар сэриилэспит Баһылай Дабыыдабыс Уйбаныап диэн араанньы буолан тыыннаах ордубут Бүлүү киһитэ баар (билигин Мирнэйгэ олорор). Ол киһи буомбалааһын быыһыгар онно Тааһаҕартан сылдьар түөрт бырааттыы Харатаайаптары көрсөн ааспытын туһунан ахтан суруйбута баар. ("Ветераннар ахтыылара" диэн 1985 сыллаахха тахсыбыт кинигэ 64-65 сирэйдэрин көр). Олортон иккитэ Саанньа уонна Дьэкиим буоллахтара дии. Кинилэр бу чааска сылдьыбыттарын архыып докумуона эмиэ бигэргэтэр. Хампа оскуолатын кыһыл суолдьуттарын ыйытыыларыгар (1975 с.) оборуона архыыбыттан маннык эппиэт кэлбит:
"По учтенным данным значатся:
-рядовой 193 стр. дивизии Коротаев Ефим Иванович, 1916 года рождения, уроженец Якутской АССР, Вилюйского района, призван в СА Вилюйским РВК, пропал без вести 27.09.1942 года.
-стрелок, рфдовой Коротаев Александр Иванович 1906 года рождения, уроженец Якутской АССР, Вилюйского района, Тасагарского с/с, призван в СА Вилюйским РВК, пропал без вести в декабре 1942 года", - диэн.
... Оттон Саанньа бу иэдээннээх сэрии холоругун хас да ый тулуйан сылдьа сатаабыт эбит. Ахсынньы ыйга тиийэ сэриилэспит. Ол аата Сталинграды ылаары дьүһүлэммит ньиэмэс сэриитин бүтүннүүтүн, биһиэннэрэ икки өттүттэн кимэн киирэн, төгүрүйэн кэбиспит үөрүүлэрин билэн баран суох буолаахтаабыт.

"Саллаат олоҕо салҕанар" кинигэҕэ баар Каратаев Игнатий Иванович ахтыытыттан сурулунна.

Саллаат олоҕо салҕанар./Хомуйан оҥордулар: Сивцева (Аянитова) М.С., Прокопьева (Кулакина) Т.Е.; редакциятыгар көмөлөстө - быраата Каратаев И.И.- Дьокуускай: Типография УПК ТРИ. 2007. - 168 с.

ОБД Мемориал

Комментариев нет:

Отправить комментарий