Константинов Егор Христофорович (1915-1943)




Мин аҕам Константинов Егор Христофорович 1915 с. төрүөх, аҕата Христофор Тамалакааӊӊа дьаамсыгынан үлэлээбит. Аҕам кыра үөрэхтээх буолан холкуоска суоччутунан улэлии сылдьан 1942 с. бэс ыйыгар икки ыйдаах кыыһын, дьиэ кэргэнин хаалларан Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбыт. Ийэм Константинова Марфа Прокопьевна 1943 с кэргэнэ сураҕа суох сүппүтүн туһунан кутурҕан суругу туппут. Аҕам ханна сэриилэспитин военкомантан ыйыталаспытым, уолум эмиэ интернет сайтарыгар көрдөөбүтэ да тугу да булбатыбыт. Санаабытын бөҕөргөтөн Ытык Ильмеӊӊэ бара сылдьан төрөөбүт Тамалакаанын буорун сиэнэ аҕалан биэрбитин Саха саллааттарыгар аналлаах мемориалга уурбутум.
 Суруйдум кыыһа Константинова Марфа Егоровна
05.03.2020 с.

Комментариев нет:

Отправить комментарий