Осипов Николай Иннокентьевич(1924-2004)






1.                  Осипов Николай Иннокентьевич (1924-2004), 1943-49 сс. Армияҕа сулууспалаабыта,  «За победу над Японией», «За доблестный труд в ВОВ» медаллар кавалердара /Книга памяти №5, с.36
 
Тааһаҕар нэһилиэгин Ыттаах алааһыгар Осипов Иннокентий (хос аата Букканныыр) аҕатын аата Степанович буолуон сөп(аҕабыт чуолкай билбэт этэ). Корреспондент Иван Павлов родовой картатынан сирдэттэххэ Сабаакап Степан уола буолуон сөп эбит. Кэргэнэ Осипова Мария Николаевналыын ыал буолан 5 уол, 1 кыыс оҕоломмуттар. Биһиги аҕабыт алта оҕолоох ыал үһүс оҕонон күн сирин көрбүт. «Ийэм киһини өйдүөхпүттэн ороҥҥо сытар уҥуох ыарыһах. Саамай кыра оҕотун Баһылайы ороҥҥо сытан төрөөбүтүн дьон сөҕөн, аһынан кэпсэтэллэрин истэрим», - диэччи. Ийэлэрин бииргэ төрөөбүт балта, Маайыстыыр, сытар дьахтары бүөбэйдэспит, таҥас-сап тигэн көмөлөһөрө. Оннооҕор соҕотох кыыстарын бэйэтин кыыһыгар доҕор гынан иитэ ылбыт.
Инньэ гынан, оҕолорун иитээри, туран эрэр уолаттарын кытта аҕата дьиэ ис-тас, колхоз үлэтин барытын толороро. Ол сылдьан аҕыйах хонук иһигэр тымныйан ыалдьан 1936с. өлбүт. Дьиэ баһылыгынан улахан уол, оччолорго сүүрбэччэлээх Тимофей буолбут.


 Сэрии саҕаланыытыгар аҕабыт икки убайдара утуу-субуу армияҕа ыҥырыллыбыттара, онон 15-16 саастааҕар дьиэ баһылыгынан    хаалар. Сэрии кэмигэр үлэһит илии тиийбэт буолан кини саастыы ыччат үлэлиирэ.
Сайынын от охсуутугар нуорманы 250% толороро. Ол кэмҥэ икки төгүл передовиктар мунньахтарыгар Бүлүү куоратыгар киирэ сылдьыбыта. Онно биирдэ киирбитигэр аһаппыттарын, күрүүкэ бириэмийэ биэрбиттэрин кэпсиирэ. Сити 1943 сыл кыһыныттан хонуу биригэдьииринэн үлэлии сылдьан армияҕа ыҥырыллан 7 сыл сулууспалаабыта. Ол сылдьан икки төгүл өлө сыспыт. Толору уматык тиэллибит буочукалаах вагону сүөкүүргэ, вагон аанын эмискэ аһан, буочукалар үрдүгэр сууллан, сыҥааҕын уҥуоҕа тостон төбөтүгэр улахан эчэйиини ылан госпитальга уһуннук эмтэммит. Биирдэ сөтүөлүү сылдьан саллаат табаарыһа ууга түспүтүн өрүһүйээри бэйэтэ өлө сыһан турардаах. Сотору сэрии бүппүт, аҕабыт 1951 сыллаахха төрөөбүт Тааһаҕарыгар «Японияны кыайыы иһин», «А5а дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэрдээх эргиллэн кэлбитэ.
Николай кэлбитэ төрөөбүт нэһилиэгэр сэрии соро таарыйбатах ыала суоҕа. Үгүс ыал сэрии толоонугар охтубут, аччыктаан өлбүт дьоннорун аһыйаллара. Төннөн кэлэн ийэтин, бэйэтиттэн кыра икки быраатын, балтын кытары дьэ хомуллан олорбута. Колхоз, кэлин совхозка сылгыһытынан, хонуу биригэдьииринэн, сүөһү бостуугунан уо.д.а.үлэлэргэ рабочайынан үлэлээбитэ.
Ньукулай, таптал аата Лоҥхо, оҕо эрдэҕиттэн олох аһыытын-ньулуутун этинэн-хаанынан билэ улааппыта. Икки эрэ кылаас үөрэхтээх этэ. Колхоз, совхоз ыарахан хара үлэтигэр эриллибитэ-мускуллубута, элбэх көлөһүнэ тохтубута. Ол туоһутунан элбэх бочуотунай грамоталардаах, хайҕабыл лиистэрдээх, махтал суруктардаах, юбилейнэй мэтээллэрдээх, «Фронтовик 1941-1945сс.» диэн знактаах, республика маҥнайгы президенэ Михаил Николаевтан, Россия президеннэрэ Горбачевтан, Ельцинтэн, Путинтан эҕэрдэ суруктардаах. Кини колхоз, совхоз үлэтиттэн атыны билбэтэх киһи этэ.
Элбэх табаарыстардааҕа, чугас аймахтарыгар үгүстүк көмөлөһөрө.
Николай Иннокентьевич общественнай да үлэттэн туора турбатаҕа.Партия активнай чилиэнинэн буолбута. Чиэһинэй, көнө сүрүннээх, судургу киһи этэ. Нэһилиэк сэбиэтигэр депутатынан, райкомҥа бюро чилиэнинэн талылла сылдьыбыта. Улахан да, кыра да мунньахтарга, уопсайынан дьонугар- сэргэтигэр, үлэҕэ-хамнаска, итэҕэскэ-быһаҕаска санаатын хайаан  да этэн тэйэрэ.
Тас көрүҥүнэн сахаҕа киһи мыыммат улахан төрөл киһи этэ. Ханнык баҕар үлэҕэ, тутууга да буоллун хайаан да сүбэлээн-амалаан, санаатын этэн хаалара.
1953с. хонуу үлэтигэр тыа хаһаайыстыбатын 2 разрядтаах маастарын аатын иҥэрбиттэрэ. Коммунистическай үлэ ударнига этэ.  Н.И.Осипов «Орто Бүлүү» совхозка сэттэ сыл ситиһиилээхтик сылгыһыттаабыта. Онон оройуоҥҥа сылгы иитиитигэр улахан өҥөлөөх. Ол үлэтигэр 1966с. «Отличник социалистического соревнования сельского хозяйства РСФСР» диэн значок биэрбиттэрэ.
Кэлин пенсияҕа тахсан баран окко хас да сыл кырдьаҕастар звеноларыгар оттообута. Үлэ сынньалаҥ лааҕырыгар оскуола үөрэнээччилэригэр наставниктаабыта. Күһүн хотон сыбаҕар, ол бу кыра үлэҕэ субботниктарга сылдьара. Кыһынын ферма сүөһүтүгэр преһынан быа өрөн совхозка туттарара.
 Кини 80 сааһын туолан 2004 сылга бу олохтон туораабыта.

         Ахтыыны суруйда кыыһа Осипова Валентина Николаевна


Комментариев нет:

Отправить комментарий