Иванов Николай Дмитриевич (1916-1999)



Иванов Николай Дмитриевич (1916-1999), 1, 2-с степеннээх Отечественная война орденнар, «За взятие Берлина», «За победу над Германией» медаллар кавалердара /Книга памяти №5, с.34.




Убаастабыллаах ааҕааччы, бу Николай Дмитриевич 1994 сыллаахха алтынньы 18 күнүгэр кыраайы үөрэтээччи, журналист Николай Лукич Игнатьевка биэрбит ахтыытын бэчээттээтибит. Николай Лукич бу ахтыынан "Олох суола" хаһыакка "Түөртэ билиэнтэн күрээбитэ" диэн ыстатыйаны бэчээттэппитэ. Николай Дмитриевич бэйэтэ суруйан хаалларбыт ахтыытын ааҕыҥ. Тугун да уларыппакка  бэйэтэ хайдах суруйбутунан таһаардыбыт.

Ув. Николай Лукич!

Извините меня о том, что я долго задержал писать свое воспоминание. Это очень тяжелое дело. Так как написать воспоминание 55летней давности. Я написал на якутском языке. Поэтому трудно перевести с русского и отчасти немецких названий местностей. Потом у меня почерк сейчас совсем испортился. Летом ничего не писал так как был на сенокосе. Писал простым карандашом если что нибудь разберешь сам находи что писать. Если у вас есть время то приезжай. У меня нет время (работаю). Рукопись сохраните и потом вернешь.

С уважением (подпись)

18/x-94г.





     Мин 1916 сыллаахха от ыйын 20 күнүгэр Тааһаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Төрөөбүт дьонум диэн ийэм Капитон Андреев диэн кулаакка (улуус кулубатыгар) хамначчыттыы сылдьыбыт. Онтон кэлин иитиллибит эдьиийигэр миигин иитиэххэ биэрбит. Уонна атын киһиэхэ кэргэн тахсыбыт. Киниттэн элбэх оҕо мин кэннибиттэн төрөөбүтэ. Ол курдук үс уол, биир кыыс уонна сорохторо төрөөн баран өлбүттэр. Миигин кытта бииргэ төрөөбүт Николай уонна Михаил сэриигэ баран өлбүттэрэ. Билигин быраатым Петр, балтым Екатерина Тааһаҕарга олороллор. Балтым элбэх оҕолоох мать-героиня.
     Мин оччотооҕу Кыһыл армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 3 күнүгэр Бүлүү куоратыттан оччотооҕу Промартельга үлэлии сылдьан барбытым. Бу кэмҥэ биһиги сэриилэрбитин немецкэй фашитскай армия хотон Советскай Союз элбэх киэҥ территориятын оккупациялаабыт кэмэ этэ. Биһиги икки оройуон дьонун хас да баржаҕа уонна пароходка бэйэтигэр олордон Якутскайга тиэрпиттэрэ. Мантан биһигини эмиэ пароходунан Усть-Кутька түһэрэн баран Заярскай дэриэбинэтигэр диэри машинанан таспыттара. Мантан үс хонон баран Ангара өрүһүнэн "Лейтенант Шмитд" диэн пароходунан Иркутскай куоракка илпиттэрэ. Иркутскайтан эмиэ үс хоммуппутун кэннэ Мальта диэн станцияҕа (Иркутскайтан ыраааҕа суох) 53 нүөмэрдээх запасной стрелковай полкаҕа тимир суолунан илпиттэрэ. Маны миигин кытта бииргэ барсыбыт дьоннор бары билэллэр. Холобур Павлов Дмитрий Тимофеевич, Борисов Геннадий, Томскай Н.С. уо.д. атыттар.
     Бу полкаҕа бэрт суһал военнай үөрэҕи барбыппыт кэннэ, ахсынньы ый ортотун саҕана, биһиги ротабытын, онтон да атын маршевай роталары кытта холбоон фроҥҥа ыыппыттара. Манна биһиги тохсунньу саҥатыгар Старай Оскуол диэн Курскай областан чугас, Белгород куораттан ырааҕа суох тимир суол станциятыгар сүөкэммиппит уонна сэрии буола турар сиригэр сатыы барбыппыт. Онно биһигини 22-с стрелковай дивизия араас полкаларыгар тарҕаппыттара. Дьэ мантан ыла сэриилэһиигэ мин активнайдык кыттыым саҕаламмыта. Манна мин эрдэттэн быһаарыахпын баҕарабын, ол курдук, сэриилэспит сирдэрим ааттарын-суолларын, ол сирдэр ааттарын үксүн умнуталаан кээспиппин, эбэтэр сирдэр ааттарын да булкуйталаан кээһиэхпин эмиэ сөп. Белгород куорат таһыттан Изюм-Барвенково диэн куоракка дылы биһиги 22-с дивизиябыт пополнение ыла-ыла быыстала суох кимэн киириигэ эбэтэр оборонаҕа да сылдьыбыта.
     Аан бастаан кыргыһыыга киирии. Биһиги Старай Оскуол станциятыттан сатыы биир суутканан Клейменово диэн дэриэбинэҕэ тиийбиппит. Бу деревня бүтүн этэ. Ол гынан баран Севернэй Донец диэн үрэхтэн чугас буолан, немец миномета, артиллерията куруутун ытыалыы турара. Биһиги 53-с полкабыт манна кимэн киириигэ бэлэмнэнэр диэн сураҕы истибиппит. Ити кэнниттэн биһигини комбат ст. лейтенант Голантов түргэнник инники кирбиигэ тиийэ охсорго бирикээстээбитэ. Онон минометттарбытын, миинэлэрбитин сүгэн инники кирбиигэ барбыппыт. Улахан тымныы баҕайы түүнү быһа аһаҕас сиргэ кыра аппа анныгар саһан сыппыппыт. Халлаан сырдыыта биһигини атаакаҕа киллэрбиттэрэ буолан баран, стрелковай роталар Волобуевка уонна Озернай диэн деревнялар икки ардыларыгар турар улахан сарайга минометтарбытын манна хаалларыҥ уонна атаакаҕа киириҥ диэн буолта. Ол кэнниттэн ити этиллибит туһаайыынан биһиги эмпэрэ сыыры өрө дабайан баран, Озернай дэриэбинэ кэннинэн хаары оймоон баран иһэн, ити дэриэбинэҕэ дьиэлэр истэригэр сытан биһиги стрелковай роталарбытын пулеметунан уонна автоматтарынан ытыалыы сытар немецтэргэ дьиэлэр кытыы өттүлэриттэн саба түспүппүт. Ол гынан баран дьиэлэри сатаан ылаттаабатахпыт. Онно ким эрэ биһиэхэ өй уган, ыта сытар пулеметтар түннүктэринэн гранаталары быраҕаттаабыппыт. Ити курдук гынан уонча ДЗОТ буола кубулуйбут дьиэлэри ылаттаабыппыт. Дьиэттэн тыыннаах эбэтэр кыратык бааһырбыт немецтэр таһырдьа таҕыстахтарын аайы биһиги винтовканан түҥнэритэ ытыалаан түһэрэр этибит. Ити икки ардыгар стрелковай роталар биһигини кытта кэлэн холбоспуттара уонна бэрт элбэх немец баара суоҕа биир улицалаах деревня устун куоппут немецтэри түҥнэритэ ытыалаан испиттэрэ. Ити курдук ытыалаһан ити этиллибит Озерное деревняҕа водокачкаҕа дылы үүрэн тиийбиппит. Онтон биһигини, минометчиктары, төттөрү ыҥырбыттара. Онон били минометтарбытын хаалларбыт сарайбытыгар төннөн кэлбиппит, уонна Волобуевка диэн дэриэбинэҕэ сытар немецтэри утары оборонаҕа диэн ааттаан кыра талахтар быыстарыгар минометпун туруоран, сороҕор ытыалыы-ытыалыы сыппыппыт. Онтон биһиги сылдьыбыт сирбититтэн немецтэр контратакалаан иһэллэр диэн үөгү-хаһыы бөҕө буолла. Ону көрө түспүппүт биһигини уун-утары түөрт танканы кытта рота кэриҥэ немец салдаата тоҕо ааҥнаан иһэллэр эбит. Биһиги Неудачин диэн расчет командирын кытта миномеппутун атыннык эргитэн кинилэри ытыалаан бардыбыт. Ону кытта били биһиги миномеппутун хаалларбыт сарайбыт таһыттан "Максим" пулемет немецтэри ытыалаан күпсүттэ. Немецтэр бары хаарга сыттылар. Ол ыккарда биһиги сүгэ сылдьар миинэлэрбит бүттүлэр. Ойон туран винтовкаларбытынан ытыалаатыбыт. Онтон командир Голантов чугуйабыт диэн командалаата. Онон биһиги ытыалыырбытын тохтотон баран, миномеппутун хомуйан сүгүтэлээн баран кэннибит диэки бардыбыт. Ол баран биир дириҥ аппаҕа киирбиппит. Биһиги полкабыт сэриитэ барыта манна мустубут быһыылаах. Командирбыт атаҕар бааһырбыт. Онон саҥата суох кинини икки киһи өйөөн илтилэр. Аппабыт кытыытыгар биир немец танката хаарга батыллан туран ытыалыы турар этэ. Аппаттан тахсар сирбитин немец артиллерията быыстала суох ытыалыы турара. Онон онно ким да чугаһаабат этэ. Ити кэмҥэ хараҥаран дьэ ыппат буолбуттарын кэннэ, дьэ бары тахсан урукку хоммут дьиэбитигэр тиийбиппит. Командир медсанбакка барбыта. Онон кини оннугар политрук т. Токманцев хаалбыта.
    Ити курдук мин аан бастаан сэриигэ кыттыбыт атаакабыт табыллыбатаҕа. Атаакаҕа киирэрбитигэр 87 киһилээх этибит. Онтон сарсыарда аахпыттара 52 эрэ киһи стройга баар этэ. Онтон ордуга өлөн, бааһыран суох буолбут этилэр.
     Ити кэнниттэн үс хонугу быһа маһа-ото суох куйаарга оборонаҕа сыппыппыт. Тохсунньу ыйга тымныыта бэрт буолан тоҥуу-хатыы, үлүйүү да баар этэ. Бу кэмҥэ мин солбуйааччым Борисов Гена илиитигэр баас ылан медсанбатка барбыта, онтон биһигини атын полк дьоно кэлэн солбуйбуттара уонна түүннэри Волчанск диэн сиринэн аара биир дэриэбинэҕэ аҕалан тохтоппуттара. Манна икки хонукка сынньаммыппыт, баанньыктаммыппыт. Манна биир-икки мотордаах немец самолета күнүс көтөн кэлэн парашютунан автомат уонна пулемет патрона бөҕөнү түһэрбитин умнубаппын. Арааһа алҕаһаан биһиэхэ бырахпыта буолуо. Ол курдук ити кэмҥэ хаар бөҕө түһэ турара. Онтон ханнык эрэ дэриэбинэҕэ немецтэр төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэ сыппыт этилэр. Онно биһиги полкабытын көмөҕө диэн ыыппыттара. Онно тиийбиппит хайыы-үйэҕэ немецтэри үлтүрүппүт этилэр. Ити Харьков куораттан ырааҕа суох улахан соҕус дэриэбинэ быһыылааҕа. Мин ол дэриэбинэҕэ киирбэтэҕим. Ол курдук биһиги көннөрү төннүбүппүт. Хойут билбиппит немец самолета онно аҕалбытын алҕаһаан биһиэхэ бырахпыт эбит.
    Ити курдук биһиги сотору-сотору солбуллан улахан кыргыһыыга киирбэккэ бэрт уһуннук сатыы айаннаан Харьковскай область устун баран испиппит. Ол курдук сотору-сотору кыра-кыратык сэриилэһэ-сэриилэһэ сылдьан ахсааммыт улам-улам аҕыйаан исипитэ. Онтон Красноармейская диэн дэриэбинэҕэ хас да хонукка тохтоон саҥа кэлбит саллааттарынан холбоһон ахсааммыт арыый да элбээбитэ. Онтон кулун тутар ый саҥатыгар биһиги чааспыт Рубежное диэн дэриэбинэҕэ улахан кимэн киириини оҥорбута уонна ол дэриэбинэни немецтэртэн босхолообуппут уонна Харьков куорат диэки кимэн киирбиппит. Онтон Байрак диэн хутор таһыгар оборонаҕа турбуппут. Ол эрээри биһиги быыстала суох немецтэр позицияларыгар атаакалыыр этибит, ол гынан сороҕор кыра дэриэбинэлэри, хутордары ылаттыыр этибит даҕаны, немецтэр танкалаах буолан биһигини төттөрү охсоллор этэ. Ол курдук биһиги манна өр турбуппут уонна иннибит диэкки сыҕарыйар кыахпыт суол буолта. Холобур, биһиги полкабыт барыта биир полевой куухунаттан аһыыр буолуохпутугар дылы аҕыйаабыппыт. Ити бэрт уһун дьаныардаах кыргыһыы түмүгэ буолуохтаах. Сороҕор улахан нэһилиэнньэлээх Верхней уонна Нижнэй Салтовкалары босхотолообуппут. Ити дэриэбинэлэргэ немецтэр улаханнык бөҕөргөтүммүт этилэр. Онтон биир сарсыарда немецтэр самолеттара биһиги позицияларбытын элбэхтик бомбалаабыттара уонна пулеметунан ытыалаабыттара. Ол кэнниттэн минометтан, пушканан ытыалаабыттара. Ол кэнниттэн сатыы сэриилэрэ бэрт элбэх киһилээх биһигини уун-утары киирбиттэрэ. Ол кэмҥэ биһигини кыра минометтаахтары стрелковай роталарга сыһыартыыллара. Онон биһиги кинилэри кытта бииргэ сылдьарбыт. Манна немецтэр харса суох биһиэхэ чугаһаабыттара. Биһиги бэйэбитигэр илдьэ сылдьар миинэбит бүппүтэ. Миинэ ыллаттара ыыппыт дьонум кэлбэтэхтэрэ. Онон биһиги, үс расчет командирдара, винтовканан немецтэри утары ытыалаабыппыт. Немецтэр томтор сир кэтэҕэр кэлэн саспыттара уонна туран кэлээри гыннахтарына ытыалыы сыппыппыт. Биһиги кинилэри балайда өр туппуппут. Онтон көрбүтүм расчет командира Кахимов хабарҕатыттан хаан бөҕө тыга сытара, онтон үһүс расчет командира т. Тушамилов суох этэ. Онон мин Кахимовы бааһырбыт киһини соһон лодка курдук салааскаҕа сытыаран баран ойуур саҕатынан соһон барбытым. Атын дьонум ханна да суох этилэр. Ол курдук хаһан баран хаалбыттарын олох билбэккэ хаалбыт этим. Онтон балайда ыраах сири баран-бараммын киһибэр эргиллэн көрбүтүм, киһим өлбүт этэ. Немецтэр мин уҥа өттүбүнэн хаарга батылла-батылла биһиги полкабыт штаба баар хуторын диэки баран эрэллэр этэ. Онон мин Кахимовым докуменын ылан баран бэйэм сулумахтыы сүүрбүтүм. Хаҥас диэки биир танка турара. Онтон танка люгун аһан баран биир немец автоматынан миигин ыта турара, ону мин тохтуу биэрэн СВТ винтовкабынан ытан субуруппутум. Онуоха немец танкатын иһигэр мэлис гыммыта. Мин сүүрэ турбутум. Ол сүүрэн истэхпинэ сыт кэлбитэ. Сыыр анныгар түһэн өйдөөн көрбүтүм, рюкзагым умайа сылдьар этэ. Ону устан ылан быраҕаат, эмиэ сүүрэ турбутум уонна биһиги штабпыт баар хуторыгар Байракка тиийбитим. Биһиги хаҥас өттүбүтүнэн киирбит немецтэр уулусса устун сырса сылдьаллара. Онон мин биһиги боеприпаспыт баар сирин диэки сүүрбүтүм, онно тиийбитим ким да суоҕа. Хата хайыһар бөҕө кыстана сытара. Онтон мин биир пара хайыһары уонна биир килиэп аҥаардаах рюкзак сытарын ылан баран Верхняя Салтовка диэн деревня диэки барбытым. Онтон ойуур иһиттэн тахсарбар немецтэр саҥа кэлэн киирбит этилэр. Ол иһин төттөрү кэлэн стептэн тибиллибит хаары хастан саспытым. Онтон халлаан сырдыыта хайыһарбын тыаһаппакка кыбынан, ойуур саҕатыгар немецтэргэ көстүбэккэ хайыһарбын кэтээт инним диэки анньынан кээспитим. Балайда да бартым кэннэ немецтэр пулеметунан, автоматтарынан ытыалаабыттара, да мин томтор анныгар тиийбитим. Онон буулдьалара үөһэнэн ааһара. Онтон дириҥ соҕус аппа кэлбитэ. Таҥнары түһүү буолан лыжабын нэһиилэ тохтоппутум. Онно иккис гвардейскай дивизия дьонун боевой охраненияҕа турарыгар мин уун-утары кэтиллэ түспүтүм. Ити курдук бэйэм алҕаспыттан алдьархай дьыалаҕа түбэһэн баран кыл-мүччү быыһаммытым.
     Онтон бэйэм чааспын көрдөөн Нижнэй Салтовканан, Письменскэйинэн, Шевченконан, Рубежнайынан кэринэн Красноармейская дэриэбинэҕэ урут тохтообут ыалбар кэлэн хоммутум. Бу дэриэбинэҕэ 64-с артдивизия солдаттара эмиэ бэйэлэрин дьоннорун сүтэрэ сылдьаллар эбит этэ. Нөҥүө күнүгэр Тушамилов диэн биһиги минометпут расчетун командирын көрсө түһэн үөрэн-көтөн иккиэн бэйэбит чааспытын көрдөөбүппүт. Онтон 64-с артполк дьоно муна сылдьалларын көрсөн биһиги кинилэргэ дьонноро Красноармейская дэриэбинэҕэ баалларын ыйан биэрбиппит. Кинилэр биһиэхэ биһиги чааспыт Гнилушка диэн хуторга бааллар диэн ыйбыттара уонна биһиги онно барбыппыт. Онно тиийбиппит биһиги дьоннорбут баанньыктана олороллор эбит. Дьэ манна политрук т. Токманцев кэлбиппитигэр үөрүү бөҕөнү үөрбүтэ. Сөп буоллаҕа, онтон атын техническэй сэрии сэптэрэ суох буолан төттөрү охсулларбыт. Немецтэр да эмиэ контрнаступления оҥорор этилэр, биһиги төттөрү үүрэрбит. Мин расчеппун пулеметнай ротаҕа көмөнөн биэрбиттэрэ. Онтон миигин учбатка үөрэххэ бараҕын диэн, расчеппун Зайнулиҥҥа туттаран баран үөрэнэ барбытым. Манна 22-с дивизия полкаларыттан элбэх ыччат кэлэн Сестренка диэн хуторга мустан үөрэммиппит. Үөрэхпит программата үксэ шагистика, командирга кэлэн рапортааһын уонна киниттэн көҥүллэтэн барыы буолара. Сотору-сотору передовойга тиийэн сэриилэһэн кэлэрбит. Ол курдук биһиги учебнай батальоммут бастакы кирбииттэн аҕыйах километр сиргэ баар этэ. Ол иһин буолуо, онно күчүмэҕэй балаһыанньа үөскээтэҕинэ, биһигини көмөҕө ылаллара. Онно сороҕор түөртүү-биэстии күн сэриилэһэрбит. Онон хойуккунан сүтүкпүт элбээн барбыта. Элбэх табаарыстарбыт өлөн, бааһыран суох буолтара. Холобур, Большая Бабкино диэн деревняттан чугас турар Молодовая диэн хуторга элбэх немец саллааттарын уонна офицердарын биһиги полкабыт төгүрүйбүт этилэр. Ол гынан баран кыайан ылбакка олороллор диэн буолта. Онно биһиги учебнай батальоммутун көмөҕө ылбыттара. Онно биһиги тиийбиппит уонна күн аҥаардаах кыргыһыы кэнниттэн үс КВ танкалаах буоламмыт, тоҕо көтөн киирэн ылбыппыт. Манна элбэх немец салдаттарын уонна офицердарын плен ылбыппыт. Бу дойдуга улахан сэрии бара турара.
    Биһиги учебнай батальоммут үөрэнэр сирбитигэр төттөрү кэлэн, кыра бэриэмэҕэ сынньанан баран, үөрэхпитин салҕаабыппыт. Хас да күн үөрэммиппиппит кэннэ, эмиэ Большая Бабкинаҕа көмөҕө диэн биһиги батальоммутун ыҥырбыттара. Онно тиийээппитин кытта немецтэр утары кимэн киирбиттэрэ. Кинилэр танкалара элбэҕин сөхпүппүт. Ол да буоллар биһиги КВ танкаларбыт утары киирбиттэрэ уонна биһиги пушкаларбыт танкалары утары күүстээх уоту аспыттара. Бэрт аҕыйах немец танкалара биһиги сытар позициябытыгар тоҕо көтөн киирбиттэрэ. Онтон кинилэр төннүбүттэрин мин көрбөтөҕүм. Танкаларын кэнниттэн батыһан хас төгүл биһиги позициябытын немецтэр атаакалаабыттара да, биһиги позициябытын биэрбэтэхпит. Кинилэр киирэр сирдэрэ аһаҕас степь этэ. Онон биһиэхэ үчүгэйдик көстөрө. Ити курдук немецтэргэ ити кимэн киириилэрэ туһата суох буолбута. Биһиги батальоммут итигирдик улахан сэриигэ биир да киһини сүтэрбэтэҕэ. Хата Большая Бабкина дэриэбинэ аҥаарын немецтэртэн босхолообуппут кэннэ, биһигини эмиэ үөрэнэр сирбитигэр төттөрү таһаарбыттара уонна биһиги үөрэхпитин салҕаабыппыт.
     Хас да хонукка үөрэнэ сырыттахпытына, комбат ыҥыртарар диэн миигин ыҥырбыттара. Онно тиийбитим Амбарсунэн диэн улахан баҕайы эдэр баҕайы армян уола эмиэ ыҥырыллан кэлэн турара. Комбат биһигини ыҥыран ылан дивизияҕа бараҕыт диэбитэ. Биир лейтенант, чэ бара охсуоҕуҥ, диэн баран сулбу ойон турбута. Чиэс биэрэн баран кинини батыһан тахсыбыппыт. Онно биир кыра машина кэлэн (1.5 т) турарыгар тахсан олорооппутун кытта машинабыт сразу барбыта. Оччо ырааҕа суох сир эбит этэ. Биир бэс ойуур иһигэр кэлэн машинабыт тохтообута уонна лейтенаммыт биһигини илдьэн биир землянкаҕа киллэрбитэ. Манна күүтүҥ диэн баран тахсан барбыта. Кыратык күүтээппитин кытта биир майору кытта киирэн кэлбитэ. Биһиги сулбу ойон туран чиэс биэрбиппит. Ол кэнниттэн биһиги ааппытын, омукпутун, сэриигэ төһө өр сылдьарбытын, урут разведкаҕа сылдьыбыппытын-сылдьыбаппатахпытын иҥин ыйытан баран лейтенаҥҥа эн дьаһай диэн баран тахсан барбыта. Онтон лейтенант биһигини захват группаҕа барсаҕыт диэбитэ уонна булгуччу тыл аҕалыахтааххыт диэбитэ уонна красноармейскай книжкаларбытын уонна адреснай медальоннарбытын ылаттаабыта. Ол ыккардыгар эбиэт буолла диэн сигнал оонньообутугар, аһыы бардыбыт диэн баран тахсан иһэн биһигини ыҥырбыта. Тиийбиппит биир взвод кэриҥэ солдаттар уонна офицердар стройдаан тураллара. Онтон лейтенант командатынан ойуур быыһынан барбыппыт. Полевой кухняҕа тиийэн котелоктарбытыгар миин ылан баран, ону сиэн бүтэрэн баран, хааһы ылан сиэбиппит. Онтон лейтенант биһигини кытта кини эмиэ барсар буолбутун уонна кини командатынан сылдьыахтаахпытын туһунан онтон да атыны кэпсээбитэ. Ким да туох да вопроһу биэрбэтэҕэ. Барыта өйдөнөр курдук этэ. Киэһэ биэс чаас саҕана биһиги сэттэ киһи буолан бастакы линияҕа балай да ыраах сири хааман тиийбиппит. Онно хайа полка, батальон уонна рота обороналара сытарын биһиги билбэтэхпит. Лейтенаммыт ханна эрэ наблюдательнай пууҥҥа бардым, эһиги миигин манна күүтүҥ диэн баран бэрт өр буолан балан кэлбитэ. Кэлэн баран билигин хараҥа буолуута бастакы линияны туоруохпут, онуоха диэри манна сынньанабыт диэбитэ. Киэһэ буолан хараҥаран барбыта. Лейтенант чэ бардыбыт диэн баран туран кэлбитэ уонна биһиги кини кэнниттэн батыһан барбыппыт. Бастакы линия окопатыгар тиийэн тохтообуппут. Бадаҕа лейтенант бэйэтэ элбэхтик сылдьыбыт киһи быһыытынан эмиэ бастаан окопаны туораабыта уонна манна барыта сэрэтиллэн билэр буолан, биһигини ким да ыйыталаһа, тохтото сатаабатаҕа. Биһиги барыта 7 киһи этибит. Линияны туораан баран кэпсэтии уонна лейтенант этиитин быһыытынан бастаан ньөккөччү туттан баран түргэн соҕус хаамыынан нейтральнай зона устун барбыппыт. Сотору немецтэр ракеталара уһууран тахсыбытыгар сытынан кээспиппит. Ракета сырдатан баран умулларын кытта эмиэ туран баран барбыппыт. Онтон ити курдук сирбит аҥаарыгар дылы барбыппыт. Немецтэр бастакы линиялара үс сүүччэ миэтирэ диэн лейтенант кэпсээбитэ. Онтон лейтенант быарбытынан сыылабыт диэн сибигинэйэн бирикээстээбитэ. Кыратык тыын ыла-ыла биһиги субуруччу сырдатар ракеталар тахсалларын быыһыгар иннибит диэки сыылан немец окопаларыгар букатын чугас кэлбит этибит. Онон лейтенант илиитинэн сапсыйан тохтоппута. Манна степь ото намыһах уонна кур от буолан көстүмтүө баҕайы этэ. Онон сиргэ хам сыста сытан немец окопатын өр кэтээбиппит. Онтон боевой охранение саллаата арыый тэйэ хаампытыгар лейтенант бэлэмнэниҥ диэн сибигинэйбитэ. Уонна өссө чугас сыҕарыс гыммыппыт. Ол кэннэ немец эмиэ биһиги диэкки букатын субу хааман кэлбитэ. Ыппыт ракеталара умуллаатын кытта, ол бэриэмэҕэ биһиги киниэхэ саба түспүппүт. Уонна уруккута моряк сытыы-хотуу күүстээх көрүҥнээх боец бороҥ таҥаһынан сырайынан саба бырахпытын хас да буолан хаба тардан ылан окопаттан ньылбы соһон таһаарбыттара да, немецпитин соспутунан сыыла турбуппут. Ити бириэмэҕэ немец саатын соспутунан дьонум кэнниттэн сыылбытым. Ол курдук син балай да барбыппыт, ракета таҕыстаҕына хамнаабакка кирийэн сытынан кээһэр этибит. Биһиги ылбыт немецпит кыратык да утарылаһар санаата суоҕа, ол курдук хойуккунан биһигини кытта тэҥҥэ сыылсар буолбута. Онон нейтральнай зона ортотун ааһан баран сырайын хам тута сылдьар таҥаһыттан босхолообуппут. Ол кэнниттэн немецтэр пулеметунан ытыалаабыттара уонна ракеталара сотору-сотору тахсар буолбута да, биһиги ырааппыт буолан мэнээх ыталлар этэ. Онтон биһиги инники кирбиигэ этэҥҥэ кэлбиппит. Манна хас да офицер уонна салдааттар биһигини күүтэн тураллара. Биһиги лейтинаммыт эһиги приказкытынан тыл аҕаллыбыт, онон группа заданиены толордо диэн биир офицерга рапортаабыта (Ол офицер туох званиялааҕа хараҥа буолан көрбөтүм). Онтон биһиги аҕалбыт немецпитин кинилэр илдьэ барбыттара. Биһиги разведчиктар сытар сирдэригэр сынньаммыппыт. Онтон сарсыныгар аһаан баран Бардары кытта биир кыра машина кузовар олорон бэйэбит учебнай комбинаппытыгар кэлбиппит. Уонна уон биэс хонуктаах сынньалаҥы ылбыппыт. Ити курдук улахан мүччүргэннээх уонна алдьархайдаах сырыыга этэҥҥэ эргиллэн тыыннаах ордон, бэриллибит заданиябытын толорон кэлбиппит. Манна улахан уопуттаах туйгун разветчиктар баар буолан ити задания туолбута чахчы этэ.
     Биһигиттэн атын курсааннар бары үөрэнэ сылдьыбыттара, биһиги икки буолан уон биэс хонукка бэркэ сынньаммыппыт. Ол эрээри курспун соруога бүтэн сэттэ күнү эрэ толору туһаммыппыт. Онон биһиги үөрэхпит бүтэн, ким ханнык роталартан, батальонтан, полкаттан кэлбиттэринэн, ол чаастарыгар уонна подраздиленияларыгар тарҕыспыппыт. Ол курдук мин бэйэм батальоммар “Замполитрук по комсомолу” диэн звания ылан тийбитим. Кинилэр Савинцы диэн сир чугаһыгар Северный Донец үрэх үрдүгэр оборонаҕа турар этилэр. Кэлбитим уруккулартан бэрт аҕыйах киһи хаалбыт этэ. Билигин минометнай батальон диэн ааттанара уларыйан минометнай рота диэн уларыйбыт этэ. Командирынан саҥа старшай лейтенант анаммыт этэ. Замполитругунан уруккутун курдук Токманцев баара, мин кэлбиппэр улаханнык үөрбүтэ уонна строй иннигэр миигин билиһиннэрбитэ. Мин киниэхэ хайдах үөрэммиттим ханна сылдьыбытым туһунан уонна дивизия политуправлениятын начальнигыттан полковник Разжимнтан снайперскай школаҕа ыытарыгар көрдөспүтүм да ыыппатаҕын туһунан кэпсээбитим.
      Манна комсомольскай тэрилтэ секретарын кытта билсибиппит уонна бииргэ үлэлээбиппит. Ротаҕа ыччат элбэҕэ, кинилэри кытта кэпсэтии күн аайы элбээн иһэр этэ. Ол курдук күннээҕи политинформация Совинформбюро иһитиннэриитин тиһигин быспакка иһитиннэрии уонна биһиги чааспыт боевой соруктарын, хайдах сэриилэһэрин уонна главная дисциплиинэ туһанан кэпсэтии элбэхтик барара. Маны таһынан илиинэн суруллар окуопнай хаһыаты таһаарарбыт. Савинцы дэриэбинэ чугаһыгар биир хуторга немецтэри утары Северный Донец үрэххэ оборонаҕа сыппыппыт. Онно немецтэр биир күн туох да кыһалҕата суох полевой кухняҕа эбиэттэригэр уочараттаан турбуттарын көрөн биһиги түөрт минометунан (биир батарея) ытыалаан бэрт элбэх киһини өлөрбүппүт даҕаны, бааһырдыбыппыт даҕаны. Итинник түбэлтэ аҕыйах буолааччы. Манна нэдиэлэ кэриҥэ хайабыт да өттүттэн улахан киирсиһии суоҕа. Онтон биһигини Изюм-Барвенково диэн туһаайыга ыыппыттара. Дьэ бу манна немецтэр быыстала суох кимэн киириилэрэ саҕаламмыта. Кырыктаах кыргыһыы буолта, ол курдук немецтэр биһиги позициябытын туох да быыстала суох танканан уонна пехотанан атаакалыыллара. Бу кыргыһыы неделя кэриҥэ буолтун кэннэ, биһиги Изюм куорат оройуонуттан чугуйбуппут, уон иккис эшелоҥҥа сыппыппыт. Онтон эмиэ чугуйбуппут. Тоҕо эбитэ буоллар, мин билигин да сатаан өйдөөбөппүн. Күрүлүүр күнүс туох да маһа-ото суох степь устунан барбыппыт. Манна немецтэр самолеттара биһигини үөһэттэн кэлэ-кэлэ буомбалыыллара уонна пулеметунан ытыалыыллара, онон элбэх киһини өлөрбүттэрэ уонна бааһырдыбыттара. Техника улахан хоромньуну ылбыта. Ол курдук айаннаан суос-сатыы Оскуол үрэххэ кэлбиппит уонна оборонаҕа переправаны харыстааҥ диэн командалаабыттара. Биһиги бэлэм траншеяҕа минометтары туруортаабыппыт уонна немецтэри ытыалаабыппыт. Ол эрээри самолеттар кэлэ-кэлэ биһиги позициябытын быыстала суох буомбалыыллара, инники кирбиини пулеметунан ытыалыыллара.
      Арай мин дзоттан тахсан өҥөйөн көрө турдахпына биир юнкерс биһиги үрдүбүтүнэн көтөн иһэн буомбалары быраҕаттаата. Онно мин иһирдьэ киирэн иһэн ханна да барбыппын билбэккэ хаалбытым. Онтон кыратык түүл-бит курдук өйдөөбүтүм, туох эрэ ыарахан баҕайы хам баттаан сытара хайдах да хамсыыр кыах суох буолбут. Саҥа тахсара биллибэт, кыайан тыыммаппын, онтон эмиэ илэй-балай түстүм, тугу да олох өйдөөбөппүн. Төһө өр сыппыппын билбэппин, онтон эмиэ өйдөннүм быһыылаах. Хабыс хараҥаҕа хонууга сытарбын өйдөөтүм, тураары өгдөҥнөөтүм да кыах суох быһыылаах, онтон өйдөөн көрбүтүм хас да немец саллааттара тураллар, олортон биирдэстэрэ кэлэн туруору тардан көмөлөстө. Онно мин туртум, да сап-салыбыраспын хотуолуох курдукпун. Тугу эрэ саҥараллар да истибэппин, арай айахтара эрэ хамныырын көрөбүн. Ол курдук өр туран баран олортум. Онтон хас да биһиги дьоннорбутун тутан аҕаллылар, сорохторо бааһырбыттар, биир уол олох кыайан хаампат, ону чугас соһон илдьэн ытан кээстилэр. Мин салҕалыы-салҕалыы хаамабын, ол гынан баран букатын тугу да истибэппин. Арай хаҥас ойоҕосторум сүрдээхтик ыалдьалларын дьэ биллим. Онтон эмиэ икки эмиэ биһиги икки саллааттарбытын тутан аҕаллылар уонна турбахтаан баран винтовканнан, автоматынан дугурдаан биһигини тоҕус киһини Ольховатка диэн Оскол үрэх үрдүгэр турар дэриэбинэ диэкки үүрэн илтилэр. Мин ыталлара буолуо диэн куттанарым сүрдээх, ол курдук салҕалыырым уонна ойоҕосторум ыарыылара бэрт буолан нэһиилэ хаамабын. Ол да буоллар атаҕым бүтүн буолан син хаамабын, дьоннорбуттан хаалбаппын даҕаны уонна биир аҕамсыйбыт казах дуу, ким дуу миэхэ көмөлөһөр этэ.Онтон биир кыра дьиэ таһыгар уонтан тахса пленнэй биһиги саллааттарбытыгар илдьэн холбоотулар. Мин били казахпын кытта сыттым. Төбөм куп-куугунас уонна эргийэр буолан, мэй-тэй, өйдүүр-өйдөөбөт курдук буолан хаалабын. Сытан баран утуйбутум быһыылаах, ол курдук өйдөнөн кэлбитим күн тахсыбыт этэ. Немецтэр кэлэллэр-бараллар. Биһигини биир солдат харабыллаан турар. Балайда буолан баран биһигини эмиэ туруортаан уулусса устун үүрэн бардылар. Ол илдьэн иһэн эмиэ биир дьиэ таһыгар сүүрбэччэ биһиги дьоннорбутугар илдьэн холбоотулар Онон биһиги отуттан тахса буоллубут быһылаах этэ.Били мин казак диир киһим сухарик биэрэн аһатта. Тугу эрэ элбэхтик саҥарар, арааһа кэпсэтэ сатыыр быһылаах да, мин тугу да истибэппин. Улаханнык салҕалыырым ааспыт курдук буолла.
     Дьэ ити курдук биир буомба аһылыга буолан немецтэргэ плен түбэстэҕим. Хойут санаатахпына дзот буора дуу, бэрэбинэлэрэ дуу буомбаттан үлтүрүйэн миигин хам баттаабыт буолуохтаах диэн саныыбын. Ону кытта контузияламмыппын. Онно миигин кытта ким да аттыбар суох этэ. Ити бириэмэҕэ мин дзоту баран көрө сылдьыбытым. Ол бэриэмэҕэ немец самолеттара буомба быраҕаттаабыттара. Ол мин турар сирбэр түбэһэ түспүт.
      Дьэ онтон биһигини биир машинаҕа олордон баран арҕаа диэки илдьэ бардылар. Ол илдьэн Славянскай куорат таһыгар пленнэйдэр лагердарыгар түһэрдилэр. Манна баар этэ киһини-киһи тыыннаахтыы эрэйдээн-муҥнаан өлөрөр сирдэрэ диэн. Аччыктаан аһаҕас халлааҥҥа сиргэ кэлэн түстүҥ да сытаҕын. Лагерь иһинээҕи полицайдар кырбааһыннара, сордооһуннара-муҥнааһыннара. Онтон нэдиэлэ курдук буолан баран бу лааҕыртан чугас турар Горловка лагерыгар талбыттара. Мантан тимир суолга олордон баран Хорол диэн лагерга илпиттэрэ. Бу лагерга син өр буолбуппут. Мин салҕалыырым арыыйда буолбута уонна кулгаахпынан улахан саҥаны истэр буолбутум. Ойоҕустарым эмиэ тыыннарар буоллулар. Манна доруобай дьоннору үлэҕэ таһаараллар этэ. Бу лагерга мин атырдьах ыйыгар дылы сыппытым. Манна эмиэ аһаҕас халлааҥҥа сыппыппыт. Аччыктаан нэһиилэ саллаҥнаһар этибит. Арай атырдьах ыйын бүтүүтүн саҕана куруук буоларын курдук үлэҕэ уон киһи наада диэтилэр. Мин ону истэн баран уочаракка тиийэн турунан кэбистим. Хаһан да арахсыбат консерва бааҥката иһиппин илдьэ бардым. Өлүү больдохтоох биһигини уон киһини ааҕан ылан илдьэ бардылар. Конвойунан биир эдэр полицай барыста. Манна эргэ кирпииччэни ыраастатар эбиттэр. Ол курдук күн аайы онно барсар буоллум. Хас да күн сылдьан баран арай биирдэ полицайбытыгар биир эдэр баҕайы кыыс кэлэн кэпсэтэ, күлэ-сала турта. Онтон полицайбыт биһиэхэ: “Эһиги ханна да барымаҥ мин сотору кэлиэм”,- диэн баран били кыыһы кытта баран хаалла. Балай да буолан баран, икки киһи барардыы сүбэлэстилэр быһылаах, ону мин сэрэйэ охсон кинилэргэ холбостум да, ол дьоммун кытта киэҥ баҕайы сиргэ оруос бурдук үүнэн турар сири күлүктэнэн баран хааллыбыт.
      Ол син ыраах сири баран бараммыт, биир кыра соҕус поселокка кэлэн улаханнык сэрэнэн киирдибит. Онно биир дьиэҕэ тоҥсуйан киирдибит. Манна оҕонньордоох эмээхсин уонна биир эдэр дьахтар бааллара. Манна немецтэр уонна полицайдар суох эбиттэр. Онон ыалларга сылдьан аһаан үс хоннубут уонна төрдүс түүммүтүгэр бардыбыт. Күнүһүн хахха сири булан утуйабыт сынньанабыт. Ити курдук баран иһэн мин хаҥас атахпынан доҕолоҥнуохпар дылы ыалдьар буолла. Ыарыыта сатаан утуппат буолла. Онон тимир суол аттыгар биир дьиэ турарыгар биир эмээхсин уонна биир дьахтар олороллоругар киирэн көрдөһөн мин ханна да барар кыаҕа суох буолан, хаһан хаамар буолуохпар дылы манна хаалар буоллум. Дьонум хараҥа буолуута баран хааллылар. Мин бу дьиэҕэ үс хонукка дьиэ үрдүгэр соломо киллэрэн биэртэригэр сыттым, аһы таһааран биэрэллэр. Кинилэр миигин аһыналлара сүрдээх этэ. Сытарбар ол бу таҥас таһааран биэртэрэ. Элбэхтик кэпсэтэр кыаҕым суох буолан, кыайан кэпсэппэппин. Ол курдук контузиям кытта кыайан ааһа илик буолан, мин кыайан истибэппин, кыратык салҕалыыбын. Ойоҕосторум ыалдьаллара аастылар, атаҕым сүүлэ иһэн хаалла. Уллуҥаҕым хаба ортотунан иксэн тахсыбыт. Ол ыарыыта миигин букатын тулуппат буолла. Испит сирин ортотунан ириҥэрбитэ көстө сылдьар даҕаны, тириитэ халыҥ буолан, кыайан соторунан тэстэр кыаҕа суох. Ол иһин дьахтар эрин бритвэтин быһаҕыттан булан таһааран уллуҥаҕым тириитин ууннан сууйан баран хаҕылаата. Онтон тоҕоһону кирпииччэҕэ уһуктаан бараммын бэйэм батары анньынааппын кытта ириҥэтэ биирдэ тоҕо барда. Маны дэлби ыкпытым уонна утуйбутум. Ол курдук ыарыыта ааһа охсубута. Онтон биирдэ уһукта биэрбитим, биир немец саллаата уонна биир полицай буолан миигин атахпыттан тардыалыы турар эбиттэр. Хантан кимтэн истэн дуу, мин манна сытарбын билбиттэрин букатын билбэтим.   
     Миигин сарай иһиттэн түһэрэн тэлиэгэлээх акка олордон чугас Чапаевка диэн урукку совхоз полевой сарайыгар аҕалбыттара. Манна 50-ча киһини бары плеҥҥэ түбэспит салдааттары бурдук, картошка, саахарнай свекла о.а. хомуурун үлэтигэр аҕалбыттар. Бу кыра лааҕырга үс немец саллааттара уонна уонча полицайдар биһигини конвойдууллара. Миигин атахпынан кыайан хаампат буолан кухняҕа көмөлөһүннэрэр этилэр. Онтон аҕыйах хонон баран хонуу үлэтигэр үүрбүттэрэ. Онтон сүүрбэччэ хонон атаҕым бааһа оһон үчүгэй буолбута. Манна биир түүн икки киһини ытан өлөрбүттэрэ уонна биир куоппута. Биричиинэтэ күрүүрдүү оҥостуммуттарын иһин. Онтон миигин киэһэ хортуоска ыраастата Саша диэн уолу кытта кухняҕа таһаарбыттара. Онно Сашалыын кэпсэтэн баран, харабыллааччы полицай лааҕырга баран дьону бэрэбиэркэлии сырыттаҕына, биһиги куухунаттан сээкэйи, килиэп, картошка уонна биир кыра алюминиевай кастрюляны ылаат куухунаттан тахсан күрээн хаалбыппыт.
      Ол баран иһэн биир улахан дэриэбинэҕэ тиийэн биир кыра уолу көрсөн киэһэ хараҥаҕа кинилэргэ киирдибит. Ол курдук бу дэриэбинэҕэ баара суоҕа биир коменданныыр немец уонна үс полицайдар эрэ бааллар үһү. Дьиэлээх дьахтар уонна кини балта ону кытта биһигини аҕалбыт дьиэлээх дьахтар уола бааллара. Ийэлэрэ эмээхсин ханна эрэ барбыт үһү. Биһиги ону-маны үчүгэйдик ыйыталаһан баран манна хонорго көрдөспүппүтүгэр кинилэр сөбүлэстилэр. Дьиҥэр биһиэхэ таҥнар таҥас диэн суох. Онон балаҕан ыйын саҕана түүнүн тымныйар буолан, тоҥорбут сүрдээх. Онон ол бу эргэ таҥас ылан оттоох сарайга тахсан утуйдубут. Нөҥүө күнүгэр киэһэ хараҥа буоллаҕына барардыы быһаарынныбыт. Күнүһүн сарайбытыгар саһан сыттыбыт. Арай киһим сотору-сотору дьиэҕэ киирэр-тахсар уонна ас таһар. Ол курдук күммүт бүттэ, онон мин барарга оҥоһуннум. Эргэ телогрейка биэрбиттэрин ылан кэттим уонна Сашабын барыах диэтим. Онно киһим хонуох, сынньаныах диэтэ. Ол курдук ыалбыт биһигини холдьохпоттор диэтэ. Онон бүгүн-сарсын барар санаата суох буолла. Таҥас бөҕөнү таҥынна. Букатын дьиэлээх киһи курдук буолла. Улаханнык да саспат уонна ол-бу дьиэ үлэтигэр көмөлөһөр, дьиэни ремоннуур.
      Үһүс күнүгэр үс полицай кэлэн биһигини тутан ыллылар да, комендааҥҥа илдьэ бардылар. Манна немец комендана уонна староста буолан биһиги кимнээхтэрбитин ыйыталаһан баран Полтава куорат комендатуратыгар конвойдаан илдьэ бардылар. Дьэ манна биһигини силиэстийээтилэр. Бастаан иккиэммитин бииргэ. Онтон араартаан тус-туспа силиэстийэлээтилэр. Кинилэр этэллэринэн биһигини Полтавскай областька партизаннары кытта үлэлииргэ уонна партизанскай этэрээттэри тэрийэргэ диэн заданиялаах самолетунан быраҕыллыбыккыт буолбат дуо, диэн ыххайбыттара. Кэлиҥҥи күннэргэ миигин бэрт элбэхтик пыткалаабыттара, сордообуттара. Оттон табаарыспын хайдах гыммыттарын олох билбэппин. Ол курдук кэлин кинини мин көрсүбэтэҕим. Барытыгар мин улаханнык контузияланан уонна блиндажка буомба эстиитигэр баттанаммын билиэҥҥэ түбэспитим диэнтэн атыны тугу да эппэтэҕим. Манна миигин ыйтан ордук сордообуттара. Кэлин олох да бэйэбин кыаммат буолбутум. Онтон врач көрбүтэ. Ол кэннэ миигин икки дуу, үс дуу хоммутум кэннэ уопсай лаагерга таһаарбыттара. Миигин биир немец офицера уонна биир нуччалыы ыраастык саҥарар эмиэ офицер буолан допростуур этилэр. Уопсай лагерга куһаҕан да буоллар, аһатар этилэр. Онно эбии үлэҕэ тахса сылдьааччылар подсолнух семечкатын уонна “жмых” диэн подсолнухтан оҥоһуллубут кытаанах баҕайы чараас кирпиччэ курдук аһы аҕалалларыттан ылан харса суох сиир этим.
      Полтава лааҕырыгар ахсынньы эргэтигэр дуу тохсунньу саҥатыгар дуу өйдөөбөтүм, бары пленнайдары үксүбүтүн биир эшелоҥҥа хаалаан баран, Германияҕа атаарбыттара. Бэрт өр айаннаан, икки суткаҕа биирдэ аһаан тоҥуу бөҕөнү тоҥон, тыыннаах эрэ 2-с диэн лааҕырга илдьэн хаайбыттара. Хойут истибитим лагербыт аата “Хаммерштайн” диэн эбит. (Интернеттэн эбии: Stalag 315 / II B / II F Hammerstein - лагерь для военнопленных. С началом вторжения в СССР был использован для приема советских военнопленных. Был расположен вблизи нынешнего польского Czarnego на полигоне для военных и полиции. Расположен в лесу на расстоянии 1 км. от основной автомагистрали Щецинек-Чарне. Освобожден в феврале 1945 года. Мемориал на месте лагеря создан в 1968 году, и включает в себя могилы советских военнопленных численностью около 65 000 тысяч человек.) Бу лагерьга дьон кэпсээнинэн уонча тыһынча киһи баар дииллэр этэ. Күҥҥэ биирдэ брюква миининэн уонна биир быһыы опилка булкаастаах хлебынан аһаталлар. Маннык услуобуйаҕа киһи өр сылдьар кыаҕа суох буолан, күн аайы өлбүт дьону машинаннан таһаллар этэ. Сорох сыпной тиипкэ, туберкулезка ыалдьа сытар дьону тыыннаахтыы да тиэйэн барар этилэр. Ити курдук бу лагерга кулун тутар ый эргэтигэр дылы сылдьыбытым кэннэ, полицайдар начальниктара биһигини блокпутугар кэлэн 50 киһи үлэҕэ бараҕыт диэтэ. Ону истэн баран мин барсар буоллум. Онно биһигини тимир суолга конвойдаан илдьэн биир вагоҥҥа хаалаан илдьэ бардылар. Ол илдьэн Стралбунд диэн куоракка илдьэн түһэрдилэр. Онно аҕалан немецкэй комендатураҕа биһигини уоннуу гына ааҕан биирдии конвоир аайы туттардылар. Онтон сатыы үүрэн биһигини уон киһини биир помещик усаайбатыгар аҕалан, урут эмиэ уонча хаайыылаахтары кытта холбоотулар. Нөҥүө күнүгэр хотоннор саахтарын ыраастаттылар. Ол курдук бу кыра лагерьга күһүн балаҕан ыйыгар дылы биһигини араас үлэлэргэ илдьэ сырыттылар. Бу кэмҥэ биһигини Бездольный Сашаны кытта барааннар хотоннорун ыраастаппыттара. Бу бэриэмэҕэ улахан этиҥнээх ардах кэлбитэ. Биһиги сүбэлэһэн баран громоотводу ылан кээспиппит. Онтон өлүү болдьохтоох били хотоммут чаҕылҕантан умайан хаалбыта. Сарсынагар ханнык эрэ немец офицера кэлэн ол күн кимнээх үлэлээбиттэрин туһунан конвоиртан ыйыталаспыт үһү. Биһигиттэн ыйыталаспатаҕа.   
      Онтон аҕыйах хонон баран миигин “Грейфсвальд” диэн штрафной лагерга илдьэн укпуттара. Бу лагерга араас омук дьоно бааллара. Ол курдук американецтар, англичаннар, французтар, бельгиецтэр о.д.а. штрафниктар бааллара. Кинилэр биһигиннээҕэр үчүгэй условиялаахтар этэ. Ол курдук кинилэр ый аайы Международнай краснай крестэн көмөнү ыла сылдьаллара. Оттон биһиги буоллахпытына аччыктаан лагеры тула бэс баҕаналар субаларын хастаан сиир этибит. Бу лагерга мин кулун тутарга дылы сыппытым. Онтон миигин уонна алта киһини кытта лагертан алыс ырааҕа суох “Картлов” диэн биир графиня усаайбатыгар үлэҕэ илпиттэрэ. Онно уруккуттан сүүрбэттэн тахса пленнайдар баар этилэр. Манна эмиэ тыа сирин араас үлэтин үлэлэппиттэрэ.
      Бу лагертан от ыйын эргэтигэр биһиги үс буолан күрээбиппит. Ол күрээн Польша границатыгар чугаһаан иһэн ойуур иһигэр немецкэй воинскай чааска хараҥаҕа алҕас киирэн биэрбиппит. Ыксаан онно-манна сырсан мин табаарыстарбын сүтэртээн кэбиспитим. Онтон син куоппутум. Ол гынан баран дьоммун син булбатаҕым. Соҕотоҕун ол түүн балайда баран бараммын сарсыарда сырдыыта биир ойууру буламмыт саһа сыппытым. Ол курдук икки түүнү быһа соҕотоҕун баран иһэн эмиэ ойуура суох брюква ыһыллыбыт сирин кытыытыгар брюкваны сии сытан утуйан хаалбытым. Атахпын киһи тэбиэлээбитигэр уһуктан кэлбитим икки аҕамсыйбыт немецтэр кэлэн тураллар эбит. Мин хайдах да гынар кыаҕым суох буолан бэринэрбэр эрэ тиийбитим.
     Онтон миигин биир сарайга аҕалан хатаан кээһэн бараннар харыбыллаатылар. Нөҥүө күнүгэр биир немец солдата кэлэн миигин поеһынан урукку улахан лагербар илдьэн карцерга уган кээстилэр. Манна сүүрбэччэ киһи хаалла сыталлара. Олортон билэр дьонум икки киһи баара. Афанасий Мальковскай уонна Гриша Мирошников. Иккис күнүгэр миигин лагерь комендатуратыгар илдьэн допростаабыттара. Онно кинилэр ыйытар вопростара “Тоҕо күрээтиҥ?” диэн. Ону мин конвойдар наһаа кырбыылллар уонна атаҕастыыллар, ол иһин күрээбитим диэн эппиэттээбитим. Онтон иккис вопростара ханна баран испиккиний? Ону мин күн хайа диэкиттэн тахсар да, ол диэки баран испитим диэн. Үһүс вопростара “өскө бэйэҥ дьоҥҥор тиийбитиҥ буоллар биһигини утары сэриилэһиэҥ этэ дуо?” Өскө миигин итэҕэйэн саа-сэп биэрдэхтэринэ Советскай Союз гражданина буоларым быһыытынан сэриилэһэрбэр тиийэбин диэн. Онтон ыйыталларын ууратан баран, эйигин атын өссө кытаанах режимнээх лагерга атаарыахпыт диэн сэрэппиттэрэ. Онтон эмиэ карцербар аҕалан укпуттара. Онно кэлэн атын кытаанах режимнээх лагерга ыытар буоллулар диэн табаарыстарбар кэпсээбитим. Онно биир уруккута моряк уол, миигин эмиэ итинник сэрэппиттэрэ, онон эн эмиэ гестапо илиитигэр киирбиккин, сотору биһигини ол этэр сирдэригэр илдьэллэрэ буолуо диэбитэ. Онтон куттана санаабытым уонна хайдах эмэ гынан күрүүр туһунан толкуйга түспүтүм.
     Онтон арай биирдэ биһиги карцербытыгар хатыылаах проволокатын ремоннуу икки киһи кэлэн сырыттылар. Кинилэр проволока быһар кусаачкаларын сэмээр ылан кумахха көмөн кээспитим (баҕар сотору наада буолуо). Онтон Мальковскайы уонна Мирошниковы кытта хайдах эмэ гынан күрүүр туһунан кэпсэппиппит. Нөҥүө күнүгэр ардах бөҕө түспүтэ. Онон бу түүн күрүүргэ быһаарыммыппыт. Онно биһиги туберкулез ыарыылаахтар блоктарынан тахсарга былааннаммыппыт. Күнүһүн үчүгэйдик ханан алдьатан тахсарга сөптөөх сири баран көрбүппүт. Күнүһүн тахса сылдьар көҥүл этэ. Түүн үөһүн саҕана туран хабыс хараҥаҕа туберкулезтаахтар блоктарыгар киирбиппит уонна бэйэ-бэйэбитигэр түрдьэлэммит хатыылаах проволоканы Гриша Мирошников быһыта баттыы-баттыы сыҕарыйан тахсан испитэ. Ону Мальковскай биһикки батыһа сыыллан испиппит, ол курдук уһуннук үлэлэһэн зона таһыгар дьэ тахсан сыыллыбыппыт. Ардах төһө да күүскэ түспүтүн иһин электричество уота сырдатар буолан көрүөхтэрэ диэн ыраахха диэри сыыллыбыппыт. Онтон туран барбыппыт. Онон сотору бэс ойуурга кэлбиппит. Ол курдук бэрт өр барбыппыт. Бары даҕаны күрүүргэ опыттаах буоламмыт, бу сырыыга улаханнык сэрэнэрбит. Күрүөйэҕи чыычаах да кынатын тыаһа куттуур. Ол курдук бэрт бытааннык айаннаан Польшаҕа тиийэн кэлбиппит. Сотору фронт тыаһа ыраахтан ньиргийэр тыаһа иһиллэр буолта. Сороҕор поляктар дэриэбинэлэригэр саһан киирэ сылдьар буолбуппут. Сорох үчүгэй сыһыаннаах ыалларга хонон-өрөөн саһан сынньанарбыт. Бу бириэмэҕэ поляктар биһиэхэ үчүгэйдик сыһыаннаһар этилэр. Ол курдук немец оккупацията кинилэри улаханнык салыннарбыт этэ. Үксүн сарайдарга соломо эбэтэр от иһигэр киирэн сытарбыт. Билигин биһиги иннибит диэки бара сатаабат буолбуппут. Ол курдук фронт субу чугаһаан кэлэн иһэр. Онон немец воинскай чаастара элбэхтэрэ бэрт буолан, ханна баҕарар, хаһан баҕарар түбэһиэххэ сөп. Ол курдук биир кырдьа барбыт поляк биһигини көрсөн, бу дэриэбинэҕэ тохтоон бэйэҕит дьонноргут кэлэллэрин күүтэргит ордук буолуо диэн сүбэлээбитэ. Ону биһиги ылыммыппыт. Онон биһиги бэрт уһуннук сарай иһигэр сытан күүппүппүт. Немецтэр куотан эрэллэр диэн поляктар биһиэхэ сэмээр эппиттэрэ.
      Онтон сарсыарда биһиги дьоммут танкалара субу лиһигирээн ааһыталаабыттара. Аны биһиги сарайтан тахсан утары сырсыбыппыт. Мотоцикллаах дьон тохтообуттара. Уонна биһигини туох дьонноргутуй диэн ыйыппыттара Онно биһиги үһүөн үөрүүбүтүгэр ытаһа-ытаһа кимнээхтэрбитин эппиппит. Өр буолбатаҕа, биир командир танкаларга олоруҥ да бардыбыт диэбитэ. Биһиги танкаларга биирдии биирдии олорон барсыбыппыт. Онтон биир ойуурга тохтоон ППШ автомат ылбыппыт уонна аһаабыппыт. Онно билбиппит биһиги бастакы танковай армияҕа түбэспиппит. Лодзь диэн куораты ылыахтаах үһүбүт. Мин 19 Гвардейскай самоходнай полкаҕа түбэспиппин. Миигин онно илтилэр. Онно тиийэн МБА (Мотомеханизированный батальон автоматчиков) диэҥҥэ аҕалан туттарбыттара. Онно ыйтан ордук сылдьыбытым, элбэх сэриилэһии буолбута. Аан бастаан Лодзь куораты ылбыппыт, онтон Шнайдемюль диэн немец куоратын, онтон Балтийскай моря кытыытыгар баар Кольберг диэн куораты.
      Онтон миигин уонна мин курдуктары Ландсберг диэн куоракка муспуттара. Онно особый отделга хаһан плеҥҥэ түбэспитим, ханнык лагерга хаһан сылдьыбытым туһунан ыйыппыттара. Ол аата фильтрацияны барбыппыт. Онтон мин красноармейскай книжкабын ылан бастаан сылдьыбыт 19 гвардейскай самоходнай полкабар сүүрбэччэ буолан тиийбиппит. Кинилэр онно чугас турар этилэр. Кэлээппит кытта рота командира миигин уонна Гогия грузины ыҥыран ылан автоматчиктар отделенияларын командирдарынан анаталаабыта.
      Онтон бэрт элбэх куораттары уонна дэриэбинэлэри ылаттыы-ылаттыы биһиги чааспыт Одер өрүс кытыытыгар Кюстрин куораттан чугас кэлэн өрүһү уҥуордаан плацдармы ылбыта. Манна уонча хонукка сынньаммыппыт, ол сынньалаҥ дьиҥэр бэлэмнэнии уонна сэби-сэбиргэли көрүнүү, ремоннаныы этэ. Биһигини Берлин куорат хайдах дьиэлэрдээҕин, бу куорат иһигэр хайдах сэриилэһиэхтээхпитин туһунан үөрэппиттэрэ. Биир сарсыарда 5 чааска тревога быһыытынан туран палаткаларбытын хомуйан айаҥҥа туруммуппут уонна Одер өрүһү понтоннай муостаннан туораабыппыт. Онтон биһигини тохтоппуттара. Плацдаарма ынараа өттүн бэрт элбэх артилерия ытыалыыр, самолеттар быыстала суох кэлэ-кэлэ буомбалыыллара. Ол тыаһыгар киһи дөйөр үлүгэрэ, барыта хара туман, оттон сир буоллаҕына дьигиһийэн олорор. Немецтэртэн биир да самолет кэлбитин көрбөтөҕүм. Аҥардас биһиги самолеттарбыт эрэ халлаантан арахпакка сылдьан, солбуһа сылдьан буомбалыыллар. Биһиги куруук тыаска-ууска сылдьар буоламмыт улаханнык кыһаллыбаппыт быһыылааҕа. Таанкалар иннилэрин диэкки бардылар быһыылааҕа. Артилерия уота уонна буомбалааһын бэрт ыраах тыаһыыр буолта. Ол аата немецтэр иккис эшалоннарын ытыалыыллар уонна буомбалыыллар. Онтон аны биһиги чааспыт иннин диэки барарга бирикээс кэллэ. Ол баран бараммыт бэс ойуурга киирэн тохтоотубут. Манна аһаатыбыт. Манна биһиги хоннубут, оттон атын чаастар быыстала суох ааһа тураллар. Сарсыарда халлаан сырдыыта биһиги эмиэ барбыппыт. Ол баран биир дэриэбини улахан мэһэйэ суох ылбыппыт.
      Хойут истибиппит Зеелов диэн улаханнык бөҕөргөтүллүбүт немецтэр позицияларын кыайан ылбакка турар үһүбүт диэн сурах тарҕаммыта. Сарсыныгар биһиги эмиэ арыый атын туһаайыыннан иннибит диэки барбыппыт. Ол баран немецтэр бэрт элбэх самолеттара (үксэ Мессершмит диэн истребителлэр) ойуур иһигэр асфальт суол устун кэккэлээн туралларыгар тиийбиппит. Манна биир да немец суох этэ. Биһиги буоллаҕына тоҕо самолеттарын быраҕаттаан барбыттарын хантан билиэхпитий. Манна эмиэ тохтопуттара уонна ойууру ырааҕынан сатыы кэрийбиппит. Онно саһа сылдьан немец солдаттарын тутаттаабыппыт, биһиги рота 16 киһини туппута, оттон атыттар эмиэ элбэх солдаттары уонна офицердары аҕалбыттара. Кинилэр сэриилэспит этилэр. Онно Гостев диэн биһиги солдааппыт аатырбыта. Бу бэриэмэҕэ немец солдаттара сэриигэ кыаттаран санаалара түһэн элбэхтик плеҥҥэ бэринэр буолбуттара уонна аанньа сэриилэспэт да буолбуттара өтө көстөрө. Арай саамай Гитлергэ улахан бэриниилээх өттүлэрэ олор улахан утарсыылары оҥороллоро биллэрэ.
      Онтон биһиги эмиэ салгыы Берлин куорат диэки бэрт элбэх утарсыыны көрсө-көрсө иннибит диэкки сыҕарыйан испиппит. Саамай улахан бөҕөргөтүүлээх Зеелов линиятын иккис сууткатыгар ылбыппыт. Манна 1 Белорусскай фронт сүдү улахан ситиһиини ылбыта. Ол иһигэр биһиги полкабыт эмиэ кыттыыны ылбыта. Ити курдук бэрт элбэх куораттары уонна деревнялары ылаттыы-ылаттыы Берлин куоракка улам-улам чугаһаан кэлбиппит. Уонна Берлин таһыгар биһиги полкабыт 1 Белорусскай фронт штабын харабыллаабыта. Мин маршал Г.К. Жуков онно көрбүтүм. Кини онно хас да генераллары кытта ааспыта. Дежурствобыт суутка буолан баран бүппүтэ, атын полка кэлэн солбуйбута. Онтон биһиги Берлин кытыытыгар тиийбиппит. Манна улахан кыргыһыы буола турара. Немецтэр биһиги сэриилэрбитин куоракка киллэрбэттии оҥостубут этилэр. Ол курдук хас дьиэ, уонна квартал барыта бөҕөргөтүллүбүт позицияларга кубулуйбут этэ. Ол иһин дьиэлэри үлтү тэптэрдэххэ эрэ киһи чугаһыах курдуга. Берлин сэриитин туһунан бэрт элбэх информация буолуталаабыта. Ол курдук документальнай да, художественнай да киинэлэргэ көрдөрбүттэрэ. Ону таһынан онно сылдьыбыт дьон кэпсээннэрэ-ахтыылара элбэх. Маршал Жуков бэйэтин ахтыыларыгар барытын сиһилии суруйбут кинигэтигэр барыта баар чахчылар этэ. Онон мин ону хатылыыр, эбэтэр тупсарар кыаҕым суох. Уонна бэйэм сэриилэспит туһаайыым туох солуута суох кыра. Арай Рейхстаагы биир сутка эрдэ ылбыттара, оттон импиэрскэй канцеляриятааҕар. Биһиги чааспыт онно кыайан тиийбэтэҕэ. Хойут истибиппит генерал Чуйков армията ылбыт диэбиттэрэ.
     Онон Берлин капитуляцияламмытын (Ыам ыйын 2 күнэ) кэннэ туох да тыас-уус суох буолбутун бу баар курдук өйбүттэн тахсыбат. Уонна ол кэнниттэн ханнык да сэриигэ биһиги чааспыт кыттыыны ылбатаҕа. Биһиги Берлиҥҥэ биэс хоммуппут, киэһэ аайы дьиэлэри кэрийэн көрөрбүт. Саһа сылдьар улахан чыыннаах дьоннору буларбыт уонна комендатураҕа аҕалан туттарарбыт. Онно мин отделениябар переводчик Пухович диэн солдат барытын переводтаан биэрэрэ. Биэс хонон баран биһиги Фюрстенвальде диэн Берлинтэн чугас турар куоракка тахсыбыппыт. Ол куоракка кыайыы күнүн атаарбыппыт. Онно садка Л.Русланова о.д.а. артистар концертарын көрбүппүт.
       Онтон сарсыныгар Эльба өрүс таһыгар тиийбиппит. Манна американскай военнай чааһы кытта кыра көрсүһүү оҥорбуттарыгар сылдьыбыппыт. Манна биһиги чааспыт сүүрбэччэ хонукка турбута. Онтон Польшаҕа кэлбиппит. Замостье диэн куорат таһыгар эмиэ өр баҕайы турбуппут. Онно биһигини (полкабытын) Осликовскай диэн генерал командалыыр кавалерийскай дивизияҕа биэрбиттэр уонна Япония сэриитигэр барар буолбуппут туһунан сурах тарҕаммыта. Ол гынан баран Япония капитуляциялаабыт, онон биһиги барбат буолбуппут туһунан биллэрбиттэрэ.  Онтон аҕыйах хонон баран арҕаа Украинаҕа Ровно куорат таһыгар кэлэн эмиэ тохтообуппут.  Манна бандеровецтар сүгүннээбэттэр диэн онно олохтоох салалта көрдөһөн, хас да хонук устата кинилэри тутарга задания ылбыппыт. Онно биһиги тохтообут дэриэбинэбитигэр элбэх киһини подвалга саһа сыталларын тутаттаабыппыт, уонна ойуурдары кэрийэн сорохторун туттаабыппыт, сорохторо куоппуттара. Бу хапсыһыыга икки хас дуу бандеровец өлбүт этилэр. Биһигиттэн сүтүк суоҕа. Онтон биһиги Шепетовка куорат таһыгар урукку воинскай чаас казарматыгар кэлбиппит. Манна кэлэн баран биһигини колхозтарга уборкаҕа ыыталаабыттара. Мин отделениям биир кыра колхуоска тахсан үлэлээбиппит. Хата манна наһаа үчүгэйдик үлэлээн махтал бөҕөнү ылбыппыт, араас ас-үөл элбэх этэ. Уонтан тахса хонукка үлэлээбиппит кэннэ биһигини төттөрү Шепетовкаҕа ыҥырбыттара. Онно аҕыйах хонукка казармалары ремоннаабыппыт.
     Онтон биһигини 50 киһини ылан баран, эһигини Румынияҕа 10-с воздушнай-десантнай гвардейскай дивизияҕа ыытабыт диэтилэр. Онон биһиги ол күн поездка Шепетовка куораттан Румыниялаатыбыт. Манна хас да күн айаннаан Румынияҕа Тулча куоракка тиийдибит. Онтон Бабадаг диэн улахан дэриэбинэҕэ 19-с гвардейскай воздушно-десантанай стрелковай полкаҕа автомашинанан айаннаан тиийбиппит. Бу полкаҕа 1946 сыл ыам ыйын 3 күнүгэр дылы сулууспалаабытым.
      Онтон демобилизациянан дойдубар Бүлүү куоратыгар бэс ыйын 26 күнүгэр тиийэн кэлтим. Кэлээт да урут үлэлээбит тэрилтэбэр госстрахха үлэҕэ кииртим. Ол киирээт госстрах Якутскакйга курс аһыллыбытыгар үөрэнэ барбытым. Бу үөрэҕи бүтээтин госстрах управленията миигин Эдьигээн оройуонугар госстрахха ст.инспекторынан анаабыта. 1946 сыл ахсынньыга Эдьигээн оройунугар Сыалаах нэһилиэгэр олохтоох кыыһы кэргэн ылбытым. Киниттэн 4 кыыс оҕо төрөөбүтэ. Бэйэтэ 1965 сыллаахха муус устар 12 күнүгэр энцефалиттаан бэрт өр ыалдьан Якутскай куоракка өлбүтэ. Манна түөрт сыл үлэлээн баран Бүлүүгэ ст.инспекторынан ананан Эдьигээнтэн көһөн кэлэн 5 сыл кэриҥэ үлэлээбитим кэннэ, аны Верхоянскай оройонугар ст.инспекторынан анаммытым. Верхоянскайга 4 сыл үлэлээн баран кэргэним ыалдьан Эдьигээҥҥэ кэлэн уу суолун оҥорор техническэй учаастокка матроһунан киирбитим. Онтон кадрга инспектордаабытым. Ол олорон Якутскайга кэлэн курска үөрэнэн баран бараммын эмиэ Эдьигээҥҥэ капитан – путевой мастерынан пенсиябар тахсыахпар дылы үлэлээбитим. Пенсияҕа 1971 сыллаахха тахсыбытым. Билигин ол пенсиябар олоробун. Билигин барыта 11 сиэннээхпин. Ону ааһан биир хос сиэннээхпин. Икки сиэним уонна хос сиэним Тааһаҕарга бэйэбин кытта олороллор.

















Комментариев нет:

Отправить комментарий