Прокопьев
Егор Михайлович (1913-2000), II
Пятилетка колхозтан барбыта, бааhыран
төннүбүтэ, 1степеннээх Отечественная
война, Трудового Красного Знамени орденнар, «За победу над Германией», «За
доблестный труд в ВОВ» медаллар кавалердара /Книга памяти №5, с.36.
Олоҕун олуктара
1914 с. муус устар 25 күнүгэр Бүлүү оройуонун Тааһаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1917 с. үс саастааҕар ыалга иитиэххэ бэриллибитэ.
1935-41 сс. "II Пятилетка" холкуоска араас үлэлэргэ сылдьыбыта.
1941 с. балаҕан ыйыттан 1943 с. олунньутугар диэри Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыта. Сэрииттэн II-с группалаах инбэлиит буолан кэлбитэ.
1943-1956 сс. "II-с Пятилетка" уонна Ворошилов аатынан холкуостарга ынах сүөһү ферматын сэбиэдиссэйинэн, биригэдьииринэн, ыскылаат сэбиэдиссэйинэн, правление председателин солбуйааччытынан үлэлээбитэ.
1956-1957 сс. маҕаһыыҥҥа сэбиэдиссэйдээбитэ.
1957-80 сс. кыһынын кулуупка хачыгаардыы-хачыгаардыы, сайынын бөдөҥсүйбүт холкуоска субай сүөһү бостуугунан үлэлээбитэ. 1966 сыллаахха "Үлэ Кыһыл Знамята" уордьанынан наҕараадаламмыта, Бүтүн Союзтааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыбыта.
1980-85 сс. кулуупка хачыгаарынан үлэлээбитэ.
1985 с. сааһынан пенсияҕа тахсыбыта.
1996 с. диэри сайынын оҕолорун, сиэннэрин салайан оттуур этэ, ууга, ойуурга бултаан дьонун иитэ сылдьыбыта.
2000 сыллаахха балаҕан ыйын 6 күнүгэр олохтон туораабыта.
Егор Прокопьев Бүлүү оройуонугар Тааһаҕар нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэнтэн ахсыа буолан биир ийэттэн - аҕаттан төрөөбүттэрэ. Аҕата Иван Каратаев, ийэтэ Агафия Ефремовна, элбэх кыра оҕоҕо баттатан, онуоха эбии аас - туор сыллар утуу - субуу кэлитэлээннэр, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттара.
Егору үс саастааҕар таайа Михаил Прокопьев иитэ ылбыта. Онтон бэттэх кини фамилията Прокопьевынан суруллубута.
Егор 21 саастааҕар "2-с пятилетка" колхозка чилиэн буолбута.
1941 сыллаахха бэбиэскэ тутан сэриигэ аттаммыта. "Cэрии киһи олоҕор үйэҥ тухары аапсат-арахпат муҥура суох ыар өйдөбүллэри хаалларар. Ону охсуһуу, өлөрсүү диэн тугун эттэринэн - хааннарынан билбит дьон дьиҥнээхтик өйдүүллэр. Сэрии оһуобай алдьархай буолар. Өмүтүннэрэн сабыта түсүһүү, тутуһан туран ытыалаһыы, ыстыыгынан, быһаҕынан кэйгэллэһии, артиллериянан тоҕута тэптэрсии, бомба бырахсан сиҥнэрсии, танканан тэбистэрсии - хааннаах хапсыһыы", - диэн ахтара Егор Прокопьев.
1317-с стрелковай полкаҕа рядовой байыаһынан сылдьыбыта. Биир кэмҥэ биир өтөххө үөскээбит доҕорун Каратаев Софрон Николаевыһы кытта биир чааска сэриилэһэ сылдьыбыт. Кини туһунан маннык ахтыбыт: "Үөрэ - көтө көрсөрбүт, сэриигэ хайдах тыыннаах ордон хаалбыппыт, дойдубут, дьоннорбут тустарынан ахтыҺан сүрэхпит - быарбыт чэпчиирэ. Оо, төрөөбүт төрүт дойдубут, алаһа дьиэбит, өтөхпүт күндүтүн уонна кэрэтин онно билбиппит. Ис -испититтэн тартаран, дойдубутугар тиийэн олорон кэпсэтэр курдук буоларбыт. Софрону көрсүбэтэҕим хаһыс да хонуга буолбута, ахтыбытым, тиэтэлинэн кини баар ротатыгар тиийбитим, көрдөөбүтүм да суох этэ. Дьон өлүктэрин кэрийэн көрбүтүм, кини курдук дьүһүннээх киһи өлүгэр кэлбитим, сирэйин буорун соппутум, атын омук киһитэ буолбута. Биирдэ аттыбынан ханнык эрэ рота ааһан иһэрэ, Софрон курдук саллаат баран эрэргэ дылыта. Кэнниттэн сүүрбүтүм, ситэ баттаабытым, онтукам Орто Азия киһитэ быһыылааҕа".
1943 сыллаахха Калинин куорат таһыгар хабыр хапсыһыы кэмигэр илиитигэр уонна түөһүгэр ыарахан бааһы ылан, уһуннукЯрославль, Москва, Омскай куораттар госпиталларыгар сэттэ ый эмтэнэн дойдутугар иккис группалаах инбэлиит буолан төннөр.
"Егор Михайлович Прокопьев" кинигэттэн сурулунна.
Туһаныллыбыт литература:
- Прокопьева Т.Е, Каратаев И.И. Егор Михайлович Прокопьев.-Дьокуускай, 2001.-100 с.
Эбии көр:
Комментариев нет:
Отправить комментарий